Ыам ыйын 21 күнүгэр Нам улууһугар З.А. Тихонова аатынан «Түөлбэ» «Оҕо Киинигэр биллиилээх государственнай уонна политическай диэйэтэл Илья Егорович Винокуров 130 сылын бэлиэтиир тэрээһиннэргэ аналлаах “Хоһоонунан туойуоҕун» диэн Намнар Ылдьаа туһунан суруйбут айымньыларынан хоһоон күрэҕэ ыытылынна.
Кытыннылар: «Түөлбэ» куруһуогун үөрэнээччилэрэ: биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн ааҕыы. Күрэх түмүгүнэн 3-с миэстэ буоллулар — «Всезнайка» куруһуок үөрэнээччилэрэ, 2-с миэстэ — «Кыраайы үөрэтэр» куруһуок уонна кыайыылааҕынан «Дьырылы» куруһуок буоллулар.






Оҕолорбутун ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибит уонна үөрэххэ, күрэхтэргэ өссө да үрдүк ситиһиилээх патриот, Ылдьаа сиэннэрэ буолан төрөөбүт дойдуларын таптыыр, харыстыыр дьон буолан тахсалларыгар баҕарабыт.
Семенова Н.И., З.А.Тихонова аатынан «Туелбэ» Оҕо Киинэ эбии үөрэхтээһин тэрилтэтэ,
Нам сэлиэнньэтэ, Нам улууһа
