Бүгүн, ыам ыйын 18 күнүгэр, Саха сиригэр Ньургуhун күнэ бэлиэтэнэр. Бу ураты күнү 2004 сыллаахха талааннаах суруналыыс, суруйааччы, биллиилээх уопсастыбаннай-политическэй деятель Иван Ушницкай көҕүлээhининэн аан бастаан олохтоммута.
Саха Сиригэр ньургуhун сэттэ көрүҥэ үүнэр. Саhархай, маҥан, кытархай, халлаан күөхтүҥү-хара саарыл өҥнөөх буолар. Бүлүү бөлөх улуустарыгар кэрэ бэйэлээх кытархай, халлаан күөхтүҥү-хара саарыл өҥнөөх ньургуhуннар хойуутук үүнэллэр.
«Тоҥ буору тобулан, күн диэки дьулуhан», саас эрдэ, хаар ууллаатын кытары харалдьыкка тахсар ньургуhун сибэкки ырыаҕа ылланар, хоhооҥҥо хоhуллар.
Бу кэрэ бэйэлээх күҥҥэ анаан 2020 сыллаахха биллиилээх профессор, академик, суруналыыс, суруйааччы Афанасий Васильевич Чугунов ньургуһуну хоһуйан ырыа суруйбута.
Ньургуһун күнүнэн
Афанасий Чугунов
Үс кутум биһигин хамсата,
Ис иэйиим кылыһын таарыйа
Ньургуһун сибэкким тилиннэ,
Сир ньуурун урутаан симээтэ.
Хос ырыата:
Ньургуһун сибэкки – бу сайын илдьитэ,
Ньургуһун сибэкки – бу кэрэ бэлиэтэ,
Ньургуһун сибэкки – бу үөрүү күлүмэ,
Ньургуһун сибэкки – бу таптал утаҕа.
Сырдыкка, сылааска тардыһа
Тоҥ буору тобулу көтөҕүн,
Сүтэрбит ахтылҕан алыба
Тулаҕар мичээри саҕаҕын.
Хос ырыата
Кэлиэ дии кэннигэр сиэттиһэ
Куулаҕа кэҕэбит куолаһа,
Ньукуолун таҥара үөрүүтэ,
Нуоҕайыа мутукча көҕөрө.
Хос ырыата
Араас өҥ чаҕыла сарыаллаах,
Көҥүлгэ угуйар имэҥнээх
Айылҕа бастакы бэлэҕэ
Килбик нарын киэргэлэ.
18.05.2020 с.
Кэскил14.ру
