Муҥха эбэтэр баҕадьы – элбэх буолан балыгы бултуурга аналлаах тэрил, ийэлээх, уһун, эркинэ кэтит илим. Былыр кылынан өрөн таҥаллар, таастыганын ынах туйаҕыттан, хотоҕоһун бэс мас хаптаһынтан оҥороллор эбит.
Муҥха ийэлээх. Ол аата кынаттарын икки ардынан балык хааланарыгар аналлаах хааһахтаах. Тыа кыната кылгас, үөс кыната уһун буолар. Кынаттарын баһыгар үтүмэх диэн 10-20 м уһуннаах ураҕас мас баайыллар, кини муҥханы муус аннынан соһорго аналлаах. Үтүмэхтэри атырдьах диэн маһынан ойбонтон ойбоҥҥо сыҕарыталлар. Көхө диэн тордуохтаах мас онно көмө буолар, үтүмэх төбөтө ойбоҥҥо быгарын көхөлөөх киһи (көхө тоһуйааччы) кэтэһэр. Көхө эрбэх – муҥха быатын элбэх буолан тардарга аналлаах тэрил. Мууһу алларарга аньыы туттуллар. Лиэкэр – туорайдаах мас, килиэс, ситим мууска иҥнибэтин диэн кыратык туорай мас балтыһаҕынан баттыалаан биэрэллэр. Чардаат мууһун ыраастыырга сүүр диэн сиидэ күрдьэҕи (сиидэлээх улахан хамыйах курдук) тутталлар. Маны таһынан хаары күрдьэргэ туора күрдьэх туттуллар.
Балыгы үүрэргэ нырыы диэн маһы тутталлар, мутуга соломмут хахыйах буолар. Нырыыны ойбоҥҥо уган, кыһарыйа анньыалаан, тыаһатан, булкуйан балыгы үргүтүллэр. Маны таһынан нырыы ураҕастара диэн баар буолаллар, арыый бөдөҥ эдэр хатыҥынан 2,5-3,5 м уһуннаах гына оҥостоллор, маны муус аннынан тыас үөскэтэргэ тутталлар.
Балыгы баһан ыларга, үллэрэргэ кыл хамыйах туттуллар. Муҥха кыната тахсан истэҕинэ буорун-сыыһын, отун-маһын ыраастыырга кыллыыр мас диэн туттуллар. Кыллааччы ыраастыыр.
Бу маны барытын мин алтынньы 25 күнүгэр оскуоланан муҥхалыы кэлэн баран, муҥхалаах хаһаайыны кытта кэпсэтэн биллим. Кини аата Валерий Феофанович Чувашов диэн. Оҕо сааһыттан балыктыырын олус сөбүлээн, олоҕун дьарыга оҥостубут. Биһиги Хадаарбыт биир бастыҥ балыксыта диэтэхпинэ сыыспатым буолуо.
Валерий Феофанович бэйэтэ Чурапчы нэһилиэгэр летчик аҕалаах дьиэ кэргэнигэр 1951 сыллаахха алтынньы 1 күнүгэр күн сирин көрбүт. «Идэбинэн булчуппун», – диэн олус сэмэйдик бэйэтин туһунан билиһиннэрдэ.
1977 сыллаахха биһиги Хадаарбытыгар ыал буолан кэлэн олохсуйуоҕуттан «муҥхаһыт Валерий Чувашов» диэн дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллибит.

– Сыл аайы оскуола муҥхата буоллар эрэ, бастаан оскуолаҕа үөрэнэр оҕолордоох аҕа быһыытынан, онтон билигин эһээ быһыытынан эдэр көлүөнэ саха үгэһин тутустун диэн ыҥырдылар эрэ аккаастаммакка баран иһэбин. Бу бүгүн оҕо элбэҕэ көрөргө наһаа үчүгэй. Бу оҕолор кэлэннэр көмө буоллулар. Маннык үөрэ-көтө, көх-нэм буоланнар, муҥхалыы үөрэнэллэрэ олус үчүгэй, – Хадаар кырдьаҕас муҥхаһыта Валерий Феофанович Чувашов мүчүк гынар, үөрэр, оҕолору көрөн астынар.
Саха төрүт үгэһин муҥханы хаһыс эмэ көлүөнэ Хадаар ыччаттарыгар ис сүрэҕиттэн баҕаран туран иҥэрбититтэн бэйэтэ олус үөрэр. Бу буолар кини Хадаар сиригэр-уотугар сылаас таптала. Махтанабыт эйиэхэ, кырдьаҕас муҥхаһыппытыгар Валерий Феофанович! Доруобай, чэгиэн буол!
Сайаана ФЕДОРОВА, VI кылаас,
С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы
