Бүгүн мин Тимофей Сметанин уонна Яков Стручков суруйууларыгар «Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ» айымньыны биир тыынынан ааҕан бүтэрдим.
Кинигэ сүрдээх күлүүлээх уонна омуннаах тэттик кэпсээннэртэн турар. Ааҕа олорон, күлэ олорорбун бэйэм да өйдөөбөккө хааллым. «Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ» күлүүлээх, мүччүргэннээх сырыылары эрэ буолбакка, норуот мындыр уонна булугас өйүн, сатабылын көрдөрөр дии саныыбын. Айымньы саха оҕотун тулалыыр эйгэбитин, ийэ айылҕабытын харыстыырга үөрэтэр. Ону таһынан, билигин олоххо үгүстүк туттуллубат булка сыһыаннаах элбэх тылы биллим. Киһи сөҕүөн курдук, кинигэ ойуулара олус кэрэхсэбиллээхтэр. Оҕо интэриэһин тардаллар. Санаабар, бу хамсаан, тиллэн кэлиэх курдуктар. «Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ» айымньыны ааҕан, олус астынным.
Бу кинигэни сааһыттан тутулуга суох хас биирдии саха оҕото ааҕыахтаах!
Уруйдаана Назарова, V кылаас үөрэнээччитэ,
И.Г. Тимофеев аатынан Майа лиссиэйэ
keskil14.ru
