Амма улууһун Сулҕаччытыгар ырыа-тойук чэчирии сайдар. 2014 сылтан Ольга Иванова-Сидоркевич сырдык аатыгар ыытыллар ырыа өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕин Гран-при хаһаайката, ырыа учуутала, СӨ култууратын туйгуна Александра Николаевна Матвеева-Мичийэ бу эйгэҕэ ылсыаҕыттан үлэ-хамнас өссө тэтимирдэ. Кини өссө олохтоох кулуупка уус-уран салайааччы. Быйыл өрөспүүбүлүкэтээҕи “Эн ситиһииҥ” күрэх “Бастыҥ уус-уран салайааччыта”.
“Үрдэл” чулуулара
Александра Николаевна, Сулҕаччыга кэллэ-кэлээт, оҕолору ырыа эйгэтигэр уһуйбутунан барбыт. 17 кыыһы түмэ тардан, “Үрдэл” оҕо ансаамбылын тэрийбит. Онтон ыла кинилэр киэҥ аартыктаах айар үлэлэрэ саҕаламмыт. Ансаамбыл киэн туттар солистарыттан биирдэстэрэ Айыына Степанова XI кылаас үөрэнээччитэ.
САССР норуодунай артыыһа, дэгэрэҥ ырыалары айар ураты суоллаах-иистээх Христофор Максимов үтүө аатын үйэтитэр өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күрэҕин лауреата. Нэһилиэккэ ыытыллар “Көмүс куоласчаан” куонкурус Гран-при хаһаайката, норуоттар икки ардыларынааҕы “Бриллиантовые нотки-2018” фестиваль I истиэпэннээх лауреата.
Ити элбэх ахсааннаах ааттан дьоһуннаахтарын эрэ аҕынным. Кини бииргэ үөрэнэр дьүөгэтэ Сусанна Винокурова бу ансаамбылга VII кылаастан дьарыктанар. Араас куонкурустарга, фестивалларга кыттан, билигин аата-суола эмиэ элбэх. Норуоттар икки ардыларынааҕы “Бриллиантовые нотки-2018” Гран-при хаһаайката, Хатаска ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы “Терпсихора-2015” куонкурус дипломана, “Сааскы кылыһах” ырыа күрэҕин I истиэпэннээх лауреата.
Төрдүөн “Куйаардар”
Сулҕаччы дьоҕурдаах кыргыттара аҥаардас ырыаҕа эрэ уһуйуллубаттар. Уус-уран салайааччы Александра Матвеева-Мичийэ көмөтүнэн араас үнүстүрүмүөҥҥэ оонньуур, дуорааннаахтык тыаһатар дьикти сатабыллаахтар. Кинилэр “Куйаар” ВИА-ны тэринэн, араас тэрээһиннэргэ кытталлар, бу эйгэҕэ дьоҕурдарын сайыннараллар.
Олеся Стручкова кытаанахтык тыҥаабыт алта кыллаах гитараҕа дэгиттэрдик оонньуур ритм-гитарист. Кини 2017 сыллаахха нэһилиэк иһигэр гитара доҕуһуоллаах ырыаны толорууга Гран-при аатын ылбыта. Улуустааҕы “Ыллаа миэхэ, гитарам” ырыа күрэҕэр “Бастыҥ авторскай ырыа” номинацияны кытта I истиэпэннээх лауреат аатын ылбыт муусукаан бэрдэ.
Оттон сөҥ тыаһы таһаарар суон түөрт кыллаах бас-гитараҕа Сусанна Винокурова оонньуур. Барабааннары ньиргиччи тыаһатар аналлаах охсор-тэбэр үнүстүрүмүөҥҥэ Айыына Степанова олорор. Кини ырыа устатыгар биэрэр биир кэлим тэтимиттэн ким да туораабат, онон-манан халыйбат. Кыргыттар үһүөн быйыл оскуоланы бүтэрэллэр. Араас тыаһы-ууһу сыыйан таһаарар синтезаторга VIII кылаас үөрэнээччитэ Маша Иванова нарын тарбахтара биир кэм элэҥнэһэллэр. Маша ситиһиитэ туохха да баппат элбэх. Норуоттар икки ардыларынааҕы “Алтын-Майдан” куонкурус I истиэпэннээх лауреата, “Эн сулускун” бырайыак түмүгүн кыттыылааҕа. Ону таһынан норуоттар икки ардыларынааҕы “Бриллиантовые нотки-2018” фестиваль I истиэпэннээх лауреата. Маша ситиһиитин өссө да ааттыы туруохха сөп.
“Куйаар” ВИА кыргыттара араас куонкурустарга кыттыбыт бөҕө тирэхтээх бөлөх ахсааныгар киирсэллэр. 2018 сыллаахха “Бриллиантовые нотки” фестивальга I истиэпэннээх лауреат аатын ылан кэлбиттэрэ дьоһун ситиһии этэ.
Дуораһыйар “Дуорааннар”
Кыргыттар дьоҕурдара, сатабыллара итинэн эрэ муҥурдаммат. Кинилэр өссө “Дуораан” фольклорнай ансаамбылга сылдьаллар, норуот ырыаларын сөбүлээн толороллор. Онно иилээччилэрэ-саҕалааччылара эмиэ Александра Матвеева-Мичийэ! Манна да ситиһиилэрэ бэрт ботуччу. “Бриллиантовые нотки-2018” фестивальга Гран-при буоланнар, Өлүөнэ очуостарыгар сылдьар путевканан наҕараадаламмыттара. Ол онно туспа куонкурус тэриллэн, I истиэпэннээх лауреат буолбуттар. Инньэ гынан, биир сырыыга икки куобаҕы биирдэ харбаан ылбыттар! Дьэ, кырдьык да, маладьыастар!
Кырабын дэммэккэ…
Максим Максимов, V кылаас үөрэнээччитэ да буоллар, ситиһии бөҕөлөөх. Норуоттар икки ардыларынааҕы “Терпсихора” ырыа-үҥкүү фестивалын III, “Бриллиантовые нотки” фестиваль I истиэпэннээх лауреата! Ону таһынан Христофор Максимов аатыгар анаммыт дэгэрэҥ ырыа күрэҕин I истиэпэннээх лауреата. Оттон Ольга Иванова-Сидоркевич аатынан ырыа күрэҕэр “Бастыҥ толорооччу” анал аат хаһаайына.
Дьэ, маннык үтүмэн элбэх ситиһиилээх, кыайыылаах-хотуулаах оҕолор Сулҕаччыга бааллар. Бу иллэҥэ суох дьарыктарыгар олох мэһэйдэппэккэ, сүрүн үлэлэрэ үөрэхтэрин кыайа-хото туталлар, нэһилиэктэрин, улуустарын дорҕоонноохтук ааттаталлар.
Ааптар: Василий ИВАНОВ, Амма.