Биһиги оскуолабытыгар 20 сыл устата «Эрэкэ-дьэрэкэ» фольклорнай куруһуок үлэлиир. Салайааччыта Матрена Иннокентьевна Владимирова 20 сыл устата оҕолору фольклор тула түмэн, хас да көлүөнэ ыччаты иитэн таһаарда.
Бу күннэргэ ансаамбыл 20 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ. Фольклор ансаамбылын эҕэрдэлии кэлбит ыалдьыттар ортолоругар «Саха бэчээт» автономнай государственнай тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Ньургуяна Михайловна Стручкова, «Саха бэчээт» автономнай государственнай тэрилтэ сүбэһитэ, СӨ духуобунаһын академиятын сэкэрэтээрэ Валентина Ивановна Бочонина, улуустааҕы култуура салаатын исписэлииһэ Анна Михайловна Кириллина, үөрэх управлениетын сүрүннүүр исписэлииһэ, суруйааччы Наталья Константиновна Рязанская, «Арассыыйатааҕы фольклор сойууһун чилиэнэ Варвара Валерьевна Обоюкова бааллар.
Тэрээһин алгыһынан, төрүт үгэһи утумнааччылар истиэндэни үөрүүлээх арыллыытыттан саҕаланна. «Эрэкэ-дьэрэкэ» фольклорнай куруһуок салайааччыта Матрена Иннокентьевна Владимирова үлэтин туһунан сырдатта.
Оскуолабыт дириэктэрэ Гаврил Дмитриевич Захаров уус-уран тыл саха омугар улахан суолталааҕын туһунан бэлиэтээн эттэ. Онуоха Матрена Иннокентьевна курдук үлэлэригэр бэриниилээх дьон оҕо сахалыы тылын-өһүн, өйүн-санаатын такайыытынан күннэтэ дьарыктаналлар.
Бу күн «Эрэкэ-дьэрэкэ» куруһуок салайааччыта М.И. Владимирова чабырҕахха маастар-кылаас ыытта. Чабырҕах толорууга уобараһын, тылын-өһүн оҕолорго көрдөрдө. Куруһуокка дьарыктанар оҕолор чабырҕахтаан, норуот ырыатын толорон иһитиннэрдилэр.
«Эрэкэ-дьэрэкэ» ансаамбыл 20 сыллаах үбүлүөйүгэр анаан оҕолорго чабырҕаҕы толорууга улуустааҕы куонкуруһу тэрийэн ыытта. Чабырҕах түһүлгэтигэр Амма Наахараттан, Сэргэ Бэстэн, Бөтүҥтэн уонна бэйэбит оскуолабытыттан барыта холбоон 55 оҕо, 6 салайааччы кыттыыны ылла.
Түмүк маннык буолла:
«Кылаан чыпчаал» ааты Елена Афанасьевна Филатова (Чөркөөх, Таатта) ылла.
«Соҕотохтуу толорууга». 3 үктэл – Ахил Другин, Мариелла Жиркова (Бөтүҥ); 2 үктэл – Милена Нестерева (Бөтүҥ), Мичийээнэ Исакова (Амма); 1 үктэл – Нарыйаана Старостина (Амма), Айна Тотаринова (Бөтүҥ). 3 үрдэл – Даниел Никитин (Амма Наахара), 2 үрдэл – Леонид Сивастианов (Амма), Сайаана Николаева (Амма), 1 үрдэл – Айсена Чирикова (Амма), Ян Васильев (Эмис)
Орто сүһүөхтэргэ. 3 үктэл – Айсена Борисова (Бөтүҥ), 2 үктэл – Диана Платонова (Эмис), 1 үктэл – Нарыйаана Борисова (Бөтүҥ), 3 үрдэл – Нарияна Обутова (Бөтүҥ), 2 үрдэл – Кира Никифорова,
1 үрдэл – Ньургуяна Устинова (Эмис).
«Сытыы тыллаах» анал аат – Настя Назарова, Мичийэ Слободчикова (Бөтүҥ). «Чобуо чабырҕах» анал аат – Күннэй Слепцова (Бөтүҥ). «Чаҕаарыйар чабырҕахсыт» – Лилия Кулаковская (Амма), «Кэскиллээх чабырҕахсыт» – Арина Александрова, Ганя Софронов (Амма Наахара).
«Соҕотохтуу толорууга» кылаан чыпчаал аатын Болугуртан сылдьар Даниел Филипповка Матрена Иннокентьевна Владимирова тус бэйэтэ туттарда.
Дьиэ кэргэнинэн чабырҕаҕы толорууга 1 үктэл – Софроновтар (Бологур), 2 үктэл – Сутаковтар (Сэргэ Бэс ), 3 үрдэл – Пахомовтар (Амма Наахара), 2 үрдэл туттарыллар Варвара, Анита Алгыстаана Константиновалар (Эмис), 1 үрдэл – Максимова Надежда, Сайнара Кузьмина, Эрчим Кузьмин (Соморсун). «Кылаан чыпчаал» аатын Альбина Викторовна, Айсана, Айаана, Александровтар дьиэ кэргэн (Амма Наахара) туттулар.
«Бастыҥ чабырҕахсыт» анал аат – Ахига Георгин (Сэргэ Бэс); «Саамай кыра кыттааччы» – София Софронова (Амма), «Бастыҥ салайааччы» Туяра Захаровна Мартынова (Амма Наахара) , Вероника Афанасьевна Иванова (Болугур).
Чабырҕах күрэҕин туһунан кыттааччылар санааларын ыйыталастым.
Алевтина Брониславовна Сутакова, Сулҕаччы:
– Мин төрөөбүт сирим Эмис нэһилиэгэ. Күннүк Уурастыырап алааһыгар Саппыйаҕа кииним түспүтэ. Төрүт сирбэр кэлэн турарбыттан сүрдээҕин диэн үөрдүм. 50-ча сыл буолан баран кэллим. «Эрэкэ-дьэрэкэ» фольклорнай куруһуок үбүлүөйдээх сылыгар анаан ыытыллыбыт чабырҕах күрэҕэр сиэттэрбин өйөөммүн дьиэ кэргэнинэн чабырҕах күрэҕэр кытынныбыт. Сүрдээх үчүгэйдик көрүстүлэр. 2 үктэл буолуохпут диэн санаабатаҕым даҕаны. Наһаа үөрдүбүт. Улахан махтал.
***
Варвара Константинова, Эмис:
– Дьиэ кэргэнинэн чабырҕаҕы толорууга 2 үрдэл буоллубут. Кыргыттарым Алгыстаана, Анита хаһыс да сылларын Матрена Иннокентьевна куруһуогар дьарыктаналлар. Онон тыллара-өстөрө сытыы, сымсы. Мин бэйэм бастакыбын чабырҕахтаатым. Кыргыттарбын өйөөн кыттыбытым. Кыайыахпыт диэн санаа суоҕа. Наһаа үөрдүбүт. Бириистэрэ, бэлэхтэрэ да үчүгэйэ бэрт. Тэрийээччилэргэ улахан махтал.
***
Ньургуйаана Устинова, Эмис орто скуолатын үөрэнээччитэ:
– Чабырҕахсыттар күрэхтэригэр 1 үрдэл буоллум, наһаа астынным. Учууталбар Матрена Иннокентьевнаҕа махтаныам этэ. Кини куруһуогар киирэммин, элбэх күрэхтэргэ кыттан ситиһиим элбээтэ. Сайынным.
Бу күн «Эрэкэ-дьэрэкэ» фольклорнай куруһуок салайааччыта Матрена Иннокентьевна Владимирова бэйэтин Махтал суруктарын күүс-көмө буолбут дьонугар, оскуола коллективыгар, култуура үлэһиттэригэр, ону тэҥэ ыалдьыттарга туттарда. Ону тэҥэ Матрена Иннокентьевнаҕа «Амма киэҥ туттуута», «Эмис нэһилиэгин үөрэҕин сайдыытын иһин» анал бэлиэлэрэ. Онү сэргэ Арассыыйа фольклорун сойууһун 35 сыллаах үбүлүөйдээх «За просвешение и наставничество» диэн мэтээли дохсун ытыс тыаһын ортотугар тутта.
Бу күн «Эрэкэ-дьэрэкэ» фольклорнай бөлөх аатыгар үгүс махтал, эҕэрдэ истиҥ тыллара этилиннилэр. Ити курдук чабырҕах тула үгүс киһи түмсэн, үөрэн-көтөн тарҕастылар.
Эрчим НИКОЛАЕВ, IX кылаас,
В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата, Амма