Олунньу 20-21 күннэригэр Уус Алдан улууһун Мүрү бастакы нүөмэрдээх оскуолатыгар XIII төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи “Будущий дипломат–2019” күрэхтэһии региональнай түһүмэҕэ буолан ааста. Манна Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Таатта, Уус Майа, Өймөкөөн, Томпо, Ленскэй улуустарыттан барыта 43 оҕо кыттыыны ылла.
VII-XI кылаас оҕолорун икки бөлөххө араардылар: улахан уонна кыра лигаҕа. Бастакы күҥҥэ улахан лигаҕа собеседование, оттон кыраларга семинар уонна өй оонньуута буолла. Киэһэ доҕордоһуу биэчэригэр хоһоон ааҕыытын күрэҕэ ыытыллынна.
Иккис күҥҥэ биһиэхэ, ол эбэтэр кыра лигаҕа, долгутуулаах күн буолбута. Биэс-алта буолан, төгүрүччү туран эрэ, омук тылыгар ханнык боппуруостар кэлиэхтэрин сөбүн ырыппыппыт.
Уус Алдантан үс оҕо финалга киирбитэ. Мүрү бастакы нүөмэрдээх оскуолатын Х кылааһын үөрэнээччитэ Пермякова Валерия улахан лигаҕа үһүс миэстэни ылбыта. Дүпсүн орто оскуолатын үөрэнээччитэ Румянцев Дима анал бирииһинэн наҕараадаламмыта.
Тэрийээччилэр урукку сылларга ситиһиилээхтик кыттыбыт оҕолор тустарынан кэпсээтилэр. Олортон биирдэстэрэ, соҕуруу дипломат үөрэҕин бүтэрэн, билигин Африкаҕа үлэлии сылдьар үһү. Былырыын өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы миэстэни ылбыт Дьокуускай куорат 5-с нүөмэрдээх оскуолатын үөрэнээччитэ Кирилл Яшин бу сайын Дьокуускайга ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы интеллектуальнай оонньууларга кыттыбыт, «Дипломаты будущего» диэн хайысхаҕа ситиһиилэммит.
Дипломат үлэтигэр сүрүннээн уолаттар тардыһар буоланнар, бу да сырыыга 6 миэстэлэспит оҕоттон биэһэ уол этэ. Таатта, Чурапчы, Өймөкөөн уолаттара эрдэ кыттыбыт, уопуттаах, үчүгэй бэлэмнээх, кыайыыга дьулуурдаах буоланнар, инники күөҥҥэ таҕыстылар.
Мин санаабар, маннык улахан тэрээһиннэргэ сылдьар, бэйэҕин холонон көрөр олус туһалаах. Финалга киирбэтэх даҕаны буолларбын хомойбоппун. «Дипломакка» бастакыбын кыттан, бэйэбэр саҥаны арыйдым, билиибин хаҥаттым, оҕолору кытта билистим. Эһиил хайаан даҕаны кыттыыны ылыам диэн сыал-сорук туруоруннум.
Айталана Пухова,
В.А.Протодьяконов-Кулантай аатынан
Майаҕас орто оскуолатын VIII кылааһын үөрэнээччитэ.