Кыайыы 80 сылын көрсө Мэҥэ Хаҥалас улууһун Чыамайыкы нэһилиэгин ветераннарын туһунан элбэх матырыйаал хомуйулунна. Ол туһунан олохтоох бибилэтиэкэ үлэһитин, хамыыһыйа салайааччытын Романова Саргылана Петровнаны кэпсииригэр көрдөстүбүт:
Кэлэр 2025 сылга Кыайыы 80 сыла бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ даатаҕа улуус, нэһилиэк дьаһалталарын холбоһуктаах бырайыактарынан Улуу Кыайыыны уһансыбыт аҕа көлүөнэ дьоммутун үйэтитиигэ аналлаах кинигэ уонна хаартыскаларга олоҕурбут фотоальбом оноһулла сылдьаллар.
Линда Иванова: Үлэ хаһааҥҥыттан саҕаламмытай? Кимнээх үлэлэстилэр?
С.П. Романова: Биһиги нэһилиэк 6 киһилээх хамыыһыйа тэринэн бу сааскыттан үлэбитин саҕалаабыппыт. Хамыыһыйаҕа: А.П.Филиппова, Н.Н.Васильева, Е.А.Кириллина, Д.А.Романова, П.Н.Попова, С.П.Романова киирбиппит.
Л: Туох үлэни ыыттыгыт? Төһө матырыйаал хомулунна?
С.П.: «АИС-Элар» сайт нөҥүө хайдах архыыбы хасыһарга, наадалаах матырыйааллары буларга үөрэнэн, сүрдээх улахан үлэни ыыттыбыт. Бэйэбит олохтоох дьоммут матырыйаалларыттан: Иван Николаевич Филиппов тус архыыбыттан, Акулина Николаевна Дьячковская, Данил Гаврильевич Иванов, Анна Кононовна Романова хомуйан, таҥан оҥорбут паапкаларын туһанныбыт. Ону таһынан, Аллараа Бэстээх муниципальнай архыыбыгар, куоракка национальный архыыпка, Майатааҕы кыраайы үөрэтэр түмэлгэ сылдьаммыт үлэбитигэр туһалаах матырыйааллары буллубут.
Л: Кинигэ туһунан кэпсиэн дуо. Хас ветеран киирдэ?
С.П.: Кинигэ 7 чаастан турар. Кинигэҕэ барыта 108 сэрии ветерана киирдэ. Элбэх түбүгү көрсөн, хаартыскалары ырытан, кинигэбитин вёрсткаҕа атырдьах ыйын саҥатыгар ыыттыбыт.
Л: Түмүккэ бу бырайыак туһунан тугу этиэн этэй?
С.П.: Иллээх олоҕу уһансыбыт биир дойдулаахтарбытын үйэтитэрбититтэн биһиги бөлөх олус долгуйан, астынан туран үлэлээтибит. Үлэбит үтүө түмүктээх буолуо диэн эрэнэбит. Нэһилиэкпит дьонун кинигэ бэчээттэнэн таҕыстаҕына кэлэн көрөөрүҥ, эһэлэргит эбэлэргит туһунан матырыйааллары ааҕаарыҥ диэн ыҥырабын.
Л: Эппиэтиҥ иһин махтал. Оскуола оҕолоро интэриэһиргээн, кэлэн элбэхтэ уларсарбыт буолуо диэн эрэнэбин.
Линда ИВАНОВА, VII кылаас,
«Проба пера» юнкора, Чыамайыкы, Мэҥэ Хаҥалас