Бүгүн, бэнидиэнньиккэ, эдэр кэрэспэдьиэннэр төрөөбүт тылынан тахсар «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» кылаас чааһыгар кылаастарынан сырыттыбыт. Кылаас салайааччыларын уонна оҕолору кытта кэпсэттибит.
Мария Иосифовна Софронова, 2 кылаас учуутала:
— Бүгүҥҥү кэпсэтиибит «Чиэһинэй быһыы-сайдыыга кылаат» тиэмэҕэ ыытылынна. «Кэскил» оҕо кыһата анаан ыытар сценарийа оҕолор саастарыгар сөптөөхтүк таҥыллыбыт буолар. Тиэмэни ылыналларыгар, өйдүүллэригэр толору матырыйаал кэлэр.
Оҕолордуун бүгүн чиэһинэй буолуу диэн тугун, киһи олоҕор дьайар үтүө уонна мөкү өрүттэрин туһунан кэпсэттибит. Эбии нолуок өйдөбүлүн, тоҕо хайаан да төлөнүөхтээҕин быһаардыбыт. Оҕолор дьиэ кэргэн холобуругар уруһуйдаан көрдөрбүттэрэ тиэмэни өйдүүллэригэр көмөлөстө.
Алгыстаана Михайлова, Анита Седалищева, 2 кылаас үөрэнээччилэрэ:
— Биһиэхэ бүгүн учууталбыт сымыйалыыр куһаҕан диэн кэпсээбитэ. Куруук кырдьыгы этиэххэ наада диэбитэ.Нолуогу государство төрөппүттэрбититтэн ылар эбит. Биһиги дьоммут дьиэ, массыына, матасыыкыл, трактор нолуогун төлүүллэр эбит. Ол харчынан суол оҥороллор, оскуола, олорор дьиэ, балыыһа туталлар.
Амина Степанова, 6 кылаас: — Учууталбыт Владислав Захарович кэпсээниттэн нолуок туһунан элбэҕи биллибит. Нолуогу — үлэлиир киһи барыта төлүүр. Ол нолуогу государство дьон туһатыгар туһанар диэн өйдөөтүм.
Анна Петровна Санникова, 11 кылаас салайааччыта:
— Бүгүҥҥү сэһэргэһии хас биирдии киһи чиэһинэй буолуохтааҕын, киһи уопсай дьыала туһугар тус эппиэтинэһи сүгэрин ханнык да түгэҥҥэ умнуо суохтааҕын туһунан буолла. Оҕолор суруйааччы В.С.Яковлев-Далан «Дьикти саас» айымньытыттан быһа тардыыны ааҕан ырытыыга кыттыстылар. Е.М.Неустроева коррупция, быраабы кэһии туһунан видеоматырыйаалын көрөн дьүүллэстибит. Чиэһинэй буолуу дойдубут сайдыытыгар улахан оруоллааҕын оҕолор өйдөөтүлэр.
Умсуура Прокопьева, 11 кылаас: — Бэйэ бэйэҕэ чиэһинэй буолуу, түмсүүлээх буолуу — государствоны биир сомоҕо оҥорорун туһунан кэпсэттибит.
Наталья Матвеевна Степанова, 8 кылаас салайааччыта:
— Бүгүн оҕолор эрдэттэн бэлэмнэнэн кэлэн чиэһинэй буолуу туһунан кэпсээтилэр. «Сымыйалыаҥ-бэйэҕэр куһаҕаны оҥостуоҥ» диэн кэпсээни ырыттылар. Мин оҕо сылдьан аахпыт «Слива уҥуоҕа», «Эбэм чааскыта» кэпсээннэрбин аахтым. Айымньыларбытын ырытан, киһи хаһан баҕарар, ханна баҕарар чиэһинэй буолуохтаах диэн өйдөөтүбүт. «Кэскил» оҕо кыһата оҥорон ыытар көмө матырыйаала, сценарийа олус туһалыыр.
Саша Иванова, 8 кылаас:
— Албынныыр, уорар дьаллык үтүөҕэ тиэрдибэтин туһунан учууталбыт Наталья Матвеевна кэпсээтэ. Айымньыттан уонна оҕо сааһыттан холобурдаабыта.
Анастасия Николаевна Федорова, 7 кылаас салайааччыта:
— Биһиги «Твой вклад в общее дело» темаҕа кэпсэппиппит. Биһиги бары бииргэ туох суолталааҕы оҥорбуппутун толкуйдаан, ырытан көрдүбүт. Оҕолор күһүҥҥүттэн саҕалаан мас олордубуттарын, аҕам саастаах дьоҥҥо, СБДь кыттыылаахтарыгар көмөлөспүттэрин туһунан кэпсээтилэр.
Бүгүҥҥү дьоһуннааҕы кэпсэтиилэр интэриэһинэйдик, туһалаахтык аастылар.
Харыстаана Васильева, Амина Степанова, Санаайа Дярикова,
6 кылаас үөрэнээччилэрэ,
«Эрчим» медиа-киин, Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү