Туйаара, Екатерина Шапошниковалар, Сергей Колесов, Ариан Ермолаев, Иннокентий Пестряков, Дария Романова… Бу ааттары биир сырдык кыһа — З.П. Винокуров аатынан Намнааҕы оҕо искусствотын оскуолата ситимниир. Сэтинньи 1 күнүгэр «Үргэл» арт-галереяҕа «Наследие талантов Эҥсиэли» диэн З.П. Винокуров аатынан Намнааҕы оҕо искусствотын оскуолатын араас сылларга бүтэрбит иитиллээччилэрин быыстапката турда.
Аан бастаан Нам сэлиэнньэтигэр уруһуй кылааһа 1974 сыллаахха арыллыбыт. Бастакы преподаватель Светлана Егоровна Охлопкова, Намнааҕы педучилище выпускницата, СӨ култууратын туйгуна. 1977-1992 сылларга уруһуй кылааһын преподавателинэн Афанасий Егорович Захаров, Дьокуускайдааҕы художественнай училище выпускнига, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, СӨ култууратын туйгуна үлэлээбитин истиҥник ахталлар. Уруһуй салаата атаҕар туруутугар Намнааҕы педучилище уонна Хабаровскайдааҕы пединститут выпускнига, СӨ култууратын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Нам улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Михаил Романович Петухов айымньылаахтык үлэлээбитин эмиэ умнубаттар. Өр кэмнэ преподавателинэн үлэлээбит, үлэ бэтэрээнэ, култуура, үөрэҕирии туйгуна Анна Гаврильевна Протопопова аатын махталлаахтык ахталлар.
Юрий Спиридонов, «Үргэл» арт-галерея дириэктэрэ уонна төрүттээччитэ, СӨ норуодунай, РФ үтүөлээх худуоһунньуга, СӨ искусстволарын үтүөлээх деятелэ:
— Бүгүн чахчы ураты күн. Мин доҕотторум, Намтан төрүттээх айар дьон быыстапкалара бар дьон көрүүтүгэр турда. Нам улууһа Эллэй Сивцев, Ефим Шапошников уо.д.а. курдук чулуу худуоһунньуктарынан биллэр. Билигин график-худуоһунньук Туйаара Шапошникова киэҥник биллэр,
кинини Сибииргэ улаханнык ытыктыыллар. Намҥа олорон Россия худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ, И.Винокуров аатынан педкэллиэс преподавателэ Сергей Колесов айар-тутар. Туйаара, Екатерина Шапошниковалар — СӨ искусстволарын үтүөлээх деятеллэрэ. Ариан Ермолаев—П.П.Романов аатынан художественнай училище дизайҥҥа салаатын салайааччыта, «ШКИ-D» Креативнай индустрия оскуолатын уус-уран салайааччыта, РФ дизайнердарын Сойууһун чилиэнэ, СӨ дизайнердарын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ. Кинилэр бары оҕолору, ыччаты кытары утумнаахтык үлэлии сылдьар дьон. Уруһуй — искусство уустук көрүҥэ. Онон инникитин кинилэр иитиллээччилэрэ кэрэ эйгэтин сайыннарыахтара турдаҕа.
Быыстапканы үөрүүлээхтик аһыы сиэригэр-туомугар норуот депутата Эдгар Константинов, «Нам улууһа» МТ баһылыгын солбуйааччы Егор Протопопов, Нам улууһун депутаттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Винокуров уо.д.а. кытыннылар. Бу дьоҕус кыһаны бүтэрбит дьон бука бары аан бастаан кэрэҕэ уһуйуллубут, такайыллыбыт сирдэрин, оҕо саастарын, бастакы педагогтарын сылаастык, истиҥник аҕыннылар. Алтынньы ыйга биһиги «Учуутал аргыһыгар» дизайнер Ариан Ермолаев ахтыытын бэчээттээн турабыт. Ону ааҕан баран, Намнааҕы оҕо искусствотын оскуолатын ураты истиҥ, иһирэх тыына илгийэргэ дылы гыммыта. «Наследие талантов Эҥсиэли» быыстапка сэтинньи ортотугар диэри туруо. Кэрэлиин алтыһар бэлиэ түгэни мүччү тутумаҥ.
Жанна Леонтьева
Ааптар түһэриилэрэ