Мин эһэм Данилов Иван Степанович 1915 сыллаахха тохсунньу 15 күнүгэр Еланка тыатын Хоһой алааһыгар дьадаҥы ыалга төрөөбүтэ.
Эдэр сааһыттан төрдүлэрин утумнаан уһанар буолан, дьоҥҥо дьиэ тутуһан, оһох оҥорсон Уйгу Уйбаан диэн хос ааттаммыта.
Мин хос эһэм Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа. Сэриигэ 1942 сыллаахха от ыйыгар ыҥырыллыбыта. Сэрии алдьархайын, үлэ үөрүүтүн этинэн-хаанынан билбит киһи. Бойубуой суолу сэрии бүтүөр диэри ааспыта. 1942-1943 сылларга бааһыран госпитальга эмтэммитэ. Арҕаа фроҥҥа Германияҕа тиийэ сэриилэспитэ. 386-с стрелковай полкаҕа стрелогунан сылдьыбыта. Салгыы 995-с, 71-с, 2083-с, 263-с стрелковай полкаларга сулууспалаан сэриилэспитэ. Кыайыы буолбутун кэннэ 1946 сыллаахха дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Уоттаах сэриигэ сылдьыбыт хос эһэбинэн күн бүгүҥҥэ диэри ахтылларыттан киэн туттабын.
Сэрии кэннэ араас үлэҕэ үлэлээбитэ. Совхозка үрдүктүк сыаналанар улэһит этэ. Эһэм 13 оҕо амарах аҕата, элбэх сиэн, хос сиэн, хос-хос сиэн ытык киһитэ буолар. Улуу Кыайыыны уһансыбыт саллаат эһэбинэн киэн туттабын.
Адамова Алина,
Кыһыл Үрүйэ орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ