Алтынньы 21 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэйгэ Өрөспүүбүлүкэбит Эдэр госслужащайдарын Координационнай сэбиэтин үлэһиттэрэ биһиги оскуолабыт бырабыытылыстыбатын уонна парламенын оҕолоругар «Өрөспүүбүлүкэм инникитэ — мин!» диэн тиэмэҕэ тэрээһин ыыттылар. Ыалдьыттар уонна оҕолор бииргэ атах тэпсэн олорон кэпсэттилэр. Ол курдук, Государственнай юстиция комитетын көмөлөһөөччүтэ — Даяна Олеговна Гатилова, Счетнай палаата инспиэктэрэ — Надежда Васильевна Евдокимова уонна Үп-харчы министиэристибэтин специалиһа — Игорь Леонидович Афанасьев оҕолорго бэйэлэрин үлэлэрин туһунан сырдаттылар. Судаарыстыба үлэһитэ буолар туох үчүгэй өрүттээҕин, ыарахаттарын, ханна туттарсыахха сөбүн туһунан кэпсэттилэр.
Оҕолор интириэһиргээн элбэҕи ыйыттылар. Бары астынан, үөрэн-көтөн көрсүһүүнү викторинанан түмүктээтилэр. Викторина түмүгүнэн бастыҥ оҕолорго сэмэй бэлэхтэрин туттардылар.
Бу көрсүһүү оҕолорго дойдуга тапталы, бэриниилээх буолууну өссө күүһүрдэн биэрдэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй аатыттан кэлэн ыалдьыттаабыт государство үлэһиттэригэр улахан махталбытын тиэрдэбит, маннык көрсүһүүлэр өссө да буола турдуннар уонна үлэҕитигэр элбэх ситиһиини баҕарабыт.
Оксана ПЕРМЯКОВА, XI гуманитарнай кылаас,
Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт