Хос эһэм Гоголев Роман Парфирьевич Дүпсүн Маҥхаайыкы алааһыгар төрөөбүтэ. Кини Чулуу механизатор этэ. 1942 с. фроҥҥа барбыта, снайпер, пулеметчик, танканы үлтүрүтээччинэн сылдьыбыта.
1942 сыллаахха «Тыа хаһаайыстыбатын туйгуна» знагынан наҕараадаламмыта. Эһэм 23 гвардейскай дивизия 19-с хайыһах батальонун састаабыгар сылдьан Прибалтиканан, Старай Руссанан хорсуннук сэриилэспитэ. Түөрт төгүл бааһырбыта, сүүрбүт хайыһарыгар аатын суруйан баран, тииккэ ыйаабытын, кэлин эйэлээх кэмҥэ пионер – следопыттар булбуттарын истибитэ. «Кыһыл сулус», «Албан аат» III – степенэ, орденнарынан, икки төгүл «Хорсунун иһин» мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
Аҕа Дойду Улуу сэриитин кэнниттэн Уус Алдан, Дүпсэ нэһилиэгэр механизаторынан уһуннук үлэлээбитэ. Килбиэннээх үлэтин иһин «Бочуот Знага» орденынан наҕараадаламмыта.
Сайнаара ЛЫТКИНА, 3 «б» кылаас үөрэнээччитэ, «ТҮМЭН» медиа киин эдэр кэрэспэдьиэнэ, Майа, Мэҥэ Хаҥалас