Мин хос эһэм Георгий Георгиевич Сергеев Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылааҕа, колхознай совхознай тутуу бэтэрээнэ.
Кини 1943 сыллаахха сэриигэ барбыт. Арҕааҥҥы 1-кы Украинскай фронт 284-с полкатыгар сылдьыһан биирдэ ыараханнык, иккитэ чэпчэкитик бааһырбыт. Кини Кенинсбергэ тиийэ сэриилэспит. Дойдутугар 1946 сыллаахха кэлбит. Онтон Амакинскай экспедицияҕа үлэлээн баран «Партизан» колхозка ветеринарнай биэлсэринэн уонна биригэдьииринэн үлэлээбит.
Эһээм элбэх хаһыакка суруйара, ол курдук «Бэлэм буол» хаһыакка 1938 с. «Литтэкээнсэп» диэн псевдонимнаах – «Кэҕэ» уонна «Хайыһарынан» диэн оҕолорго аналлаах хоһооннорун бэчээттэппит. Онтон ыла оройуон хаһыатыгар элбэх хоһооннору суруйан бэчээттэтэр буолбут. Мин хос эһэм Сунтаар оройуонун хаһыатын, оччолорго «Ильич уоттара» хаһыаты төрүттэспит киһинэн биирдэстэрэ буолар. Биллиилээх Саха суруйааччыларын кытта доҕордоһоро. Эһэм бэйэтэ улахан бибилиотекалаах эбит. Икки тыһыынчаттан тахса кинигэлээх, онон оҕолорун кинигэни таптыырга, ааҕарга үөрэппит.
Хос эһээм сэриигэ барыар диэри Бүлүү сүнньүнэн «Сүүрүүк Сергеев» диэн биллэрэ. Оройуон чиэһин көмүскээн 100 миэтирэни 11 сөкүүндэнэн, 1000 миэтирэни – 2 мүн. 53 сөк. сүүрэн кэлэр диэн кэпсииллэр. Ыһыахтарга кылгас дистанцияҕа кими да иннигэр түһэрбэтэх. Уһуну, үрдүгү ойууга эмиэ сэмэй ситиһиилэрдээх эбит.
Мин хос эһэм, Сэрии, Үлэ ветерана, «Кыһыл Сулус» Орденнаах, хас да мэтээллэрдээх, элбэҕи ааҕар, суруйар, хоһоон айар буолан истрическай суолталаах альбомнары илиитигэр оҥорон хааларбытын кэрэхсии көрдүм.
Мин хос эһэбинэн киэн туттабын уонна кини курдук чаҕылхай киһи буолуохпун баҕарабын.
Сайнаара ЛЫТКИНА, 3 «б» кылаас үөрэнээччитэ, «ТҮМЭН» медиа киин эдэр кэрэспэдьиэнэ, Майа, Мэҥэ Хаҥалас