Бу күннэргэ биһиэхэ оскуола лидерин талыы буолан ааста. Барыта үс хандьыдаат турбута: Романова Настя (9 кл.), Фёдорова Галя (8 кл.) уонна Романов Иван (8 кл.). Быыбар иннинэ күн хандьыдааттар бэйэлэрин былааннарын кэпсээбиттэрэ, утарыта туран санааларын үллэстибиттэрэ. Ону тэҥэ учууталлар, үөрэнээччилэр араас ыйытыктары биэрбиттэрэ, «тоҕо бу хандьыдааты талыахтаахпытый» диэн толкуйдатар боппуруостар көтөҕүллүбүттэрэ. Ол бириэмэҕэ оскуолабыт актыыбынай оҕолоро эҕэрдэ нүөмэрдэри көрдөрбүттэрэ, дьону сэргэхсиппиттэрэ.
Оттон сарсыныгар түмүк таһаарыыта буолбута. Быыбардааччылар 50% куоластарын Иван Романовка биэрэн, Иван оскуола лидерэ буолар ааты ситистэ. Саҥа талыллыбыт оскуолабыт лидеригэр эҕэрдэ тыллар, баҕа санаалар этилиннилэр. Ол кэннэ оҕолор хамаандаларга арахсан араас оонньууларга кыттыбыппыт, үөрэн-көтөн бириэмэбитин атаарбыппыт. Мин санаабар, бэрт тэрээһин буолан ааспыта.
Саҥа талыллыбыт лидербитигэр Иваҥҥа ситиһиилээх уонна таһаарыылаах үлэни баҕарабыт!
Романова Розалина, VII кылаас
«Проба пера» юнкора, Чыамайыкы, Мэҥэ Хаҥалас