ЮНКОР ДНЕВНИГИТТЭН
От ыйын 28 күнэ. Москва куоракка бэһис күммүт. Бүгүҥҥү күммүтүн сынньалаҥ чааһыгар анаатыбыт. Күммүт саҕаланыыта блошиный ырыынакка сылдьан, Сэбиэскэй сойуус кэминээҕи малы-салы көрдүбүт. Сүрдээх интэриэһинэй сир эбит. Былыргы мал киһи болҕомтотун тардар. Олох историятын көрдөрөр.
Күммүт иккис аҥарын «Авиапарк» сынньалаҥ киинигэр атаардыбыт. Дьэ кырдьык, киһи Москва куоракка сылдьабын диир сирэ. Олус улахан. 900-тэн тахса маҕаһыыннаах. Киһи киирдэр киирэн бара турар гына оҥоһуллубут. Мин манна элбэҕи биллим-көрдүм. Оҕолор бары да астынныбыт, үөрдүбүт-көттүбүт.
Бу кэнниттэн Москва куорат биир саамай кэрэ көстүүлээх сиригэр «Москва Сити» сырыттыбыт.
Түүн 12 чааска, от ыйын 29 күнэ үүнэр түүнүгэр, юнкор доҕорбутун Туйаара Мамонтова 15 сааһын туолбутунан истиҥник эҕэрдэлээтибит. Бииргэ сылдьар доҕорбутугар үөрүүлээх түгэни бэлэхтээтибит. Төһө да дьиэтиттэн ыраах сырыттар, доҕотторо, салайааччыларбыт чугас дьонун суохтаппат курдук, төрөөбүт күнүн бэлиэтээтибит.
Бу күҥҥэ мин тугу өйдөөн хааллым? Киһи үлэттэн эрэ буолбакка, сынньалаҥтан эмиэ сылайар эбит, туһалаах сынньалаҥтан сайдаҕын, тулаҕын тупсараҕын уонна туох эрэ үчүгэйи, сырдыгы, дьоҥҥо туһалааҕы оҥоруоххун баҕараҕын.
Вадим КОЛЕСОВ, Х кылаас,
А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата, Чурапчы