Майа «Ураһалаах алааһыгар» от ыйын 8-10 чыыһылаларга ыытыллар 20-с республиканскай педагогическай дьаарбаҥка бастакы күнүгэр «Нейрохирургическое сопровождение процесса развития в условиях обновленного ФГОС» диэн үөрэх курса буола турар.
Нейропсихология диэн оҕо мэйиитэ төһө функциялыырын, сайдарын үөрэтэр научнай дисциплина.
Бу курсу Үөрэх управлениетын специалиһа Жанна Петровна Монастырева кэпсээтэ. Оҕо тоҕо сатаан саҥарбатын, бытааннык өйдүүрүн, ылынарын туһунан сиһилии сырдатта.
Уонна аҕыйах боппуруоспар эппиэттээтэ:
—Бу курс туох туһалааҕый?
—Биһиги бүгүн нейропсихология ньыматын хайдах оскуолаҕа, уһуйааҥҥа киллэриэххэ, туһаныахха сөбүй диэн боппуруоска курс ыыта сылдьабыт. Оҕо үөрэҕэр ыарырҕатар, бэрээдэгэ мөлтөх буоллаҕына ол биричиинэтэ оҕо төбөтүгэр сытар. Ол иһин оскуолаҕа, үөрэх тэрилтэлэригэр педагогтар бу маны билэннэр, оҕону кытта үлэлэстэхтэринэ, оҕоҕо бэйэтигэр туһалаах буолар.
-Төһө элбэх киһи эһиги көмөҕүтүгэр наадыйарый?
—Саха Сирин ылан көрдөххүнэ, саҥа хардыылар киирэн эрэллэр, ол иһин билигин үөрэх, үйэ сайдан турар кэмигэр сүрдээх актуальнай буолан турар. Онон оҕолорбутугар сөптөөх көмө оҥорор кэммит кэллэ.
—Бу күҥҥэ хас киһи курска суруйтардай?
— Сорохтор бүгүн суруйтаран баран, сарсын сылдьар былааннаахтар. Уонна истибит дьон сүрдээҕин сэҥээрдилэр.
Ангелена Фёдорова, IX кылаас үөрэнээччитэ,»Проба пера» юнкора, Чыамайыкы орто оскуолата