Майаҕа Ураһалаах алааһыгар педагогическай дьаарбаҥка буолар турар. Манна Сонор-ЖИПТО туһунан билээрибин Ольга Ширяеваттан интервью ыллым.
— Сонор туһунан кылгастык кэпсиэххит дуо?
— Биһиги сонорунан 1993 сыллаахтан дьарыктаммыппыт, оччолорго заведующайбыт Клара Спиридоновна көҕүлээһининэн бастакы оонньуулар саҕаламмыттара. Кини оччолорго олус таһаарылаахтык үлэлээн 8 международнай чемпионнаахпыт, оҕолорбут Париж куоракка баран кыайан-хотон кэлбиттэрэ, ону ыһыктан биспэккэ оҕолорбутун өрө тута сылдьабыт. Сылын аайы улууспутугар сонор күрэҕин ыытабыт, быыстапкаларга кыттабыт уонна сыл аайы педагогическай ярмаркаҕа кэлэн кыттан барабыт. Сонорбут иитэр-үөрэтэр үлэҕэ бүтүннүүтүгэр туттабыт: настольнай оонньууга, магнитнай, графическай, хамсаныылаах оонньууларга.
— Сонор-ЖИПТО оҕону туохха сайыннарарый?
— Оҕо өйүн санаатын, тылын-өһүн, толкуйдуур дьоҕурун, оҕону бары өттүнэн сайыннарар, иитэр, үөрэтэр. Сонор Уус Алдан Сыырдаах, Кэптэни нэһилиэктэригэр уонна улуус киинигэр Бороҕоҥҥо сайдан турар.
Валерия Романова, Х кылаас, Чыамайыкы орто оскуолата, «Проба Пера» юнкора.