Любовь Печенкина Уральскай Федеральнай уокурук волейболга хамаандатын спортсмена. Челябинскай куораттан сылдьар, 16 саастаах.
Кини волейболу үрдүккэ тахсан, дабайан иһиигэ майгыннатар.
– Тоҕо диэтэххэ, киһи үөһээ таҕыстаҕына, элбэх мэһэйдэри туоруур. Волейбол эмиэ оннук курдук. Ол түмүгэр киһи баҕарбытын ситиһэр, – диэн этэр Любовь Печенкина.
Кини волейболунан дьарыктанар оҕолорго аан бастакынан волейболу таптыылларыгар баҕарар.
– Оонньууга туттуллар хамсаныыларга күүскэ дьарыктанын, үөһээҥҥи, алларааҥҥы подачаны, мээчиги быһыыны күүскэ баһылааҥ. Тоҕо диэтэххэ, ити хамсаныылар таһаарылаах түмүгү биэрэллэр, кыайыыга сирдииллэр, – диэн этэр Уральскай Федеральнай уокурук волейболга хамаандатын спортсмена Любовь Печенкина.
Света ЗАРОВНЯЕВА, Х кылаас, Хайахсыт, Чурапчы
«Азия оҕолоро» оҕо пресс-киинин юнкора