Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕар Хотугу норуоттар түһүлгэлэрин олус сөбүлээтим. Ыраах хоту улуустартан маастардар, ырыаһыттар, фольклорнай ансаамбыллар кэлбиттэр. Түһүлгэ иһэ араас дьэрэкээн оһуордаах, ойуулаах-мандардаах оҥоһуктарынан кустук дьэргэлгэтин түһэрдэ. Ону хотугу норуоттар ырыалара-тойуктара өссө киэргэтэн биэрдилэр.
Мин Абый улууһуттан кэлбит ыалдьыттары кытта билистим.
– Биһиги Абый улууһуттан Белай Гораттан уонна Кэбэргэнэ нэһилиэгиттэн быыстапкаҕа анаан 25 киһи буолан кэллибит. Бу оҥоһуктарбыт барыта хоту дойду төрүт үгэстэрин кытта ситимнээхтэр.
Үгүстэрэ таба тириититтэн тигиллибиттэр, оҕуруо киэргэллээхтэр. Балык уҥуоҕуттан, собо хатырыгыттан оҥоһуктар эмиэ бааллар. Таба тириититтэн соннор, сэлиэччиктэр, түүлээх бэргэһэлэр, көбүөрдэр – бу барыта эбээннии моһуоннаахтар, – диэн Евдокия Николаевна Черёмкина билиһиннэрдэ.
***
Мария Афанасьевна Никулина төрөөбүт дойдута Абый улууһун Кэбэргэнэ нэһилиэгэ. Кини элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт. Ийэлэрэ наар ыстаадаҕа үлэлээбит. “Табаһыт убайдарбар, бырааттарбар таба тириитинэн таҥас тигэрэ. Онтон биһиги киниэхэ көмөлөһө таарыйа иистэнэрбит”, – диэн оҕо сааһын ахтан-санаан ааста.
Мария Афнасьевна билигин ийэтин дьыалатын салҕаан иbиэнэр, бэргэһэ, унтуу тигэр, оҕуруо тиһэр.
Балык тириититтэн кытта иистэнэр. Сыалыһар балык тириитин имитэн, араас үчүгэй оҥоһуктары айан таһаарбыт. Чыыр балык, Абый бөдөҥ соботун уҥуохтарыттан араас киэргэллэри оҥорбут.
– Омукпут оһуора, мандара төрүт өбүгэлэрбит хаалларбыт улахан нэһилиэстибэлэрэ буолар. Эбээн оһуоругар маҥан, күөх, кыһыл, саһархай, хара … айылҕа өҥнөрө бааллар. Өҥнөрү сөп түбэһиннэрэн, өбүгэ олоҕун ис хоһоонун тиэрдэр гына оҥорон таһаарар уустук үлэ, – диэн кэпсээтэ Мария Афанасьевна Никулина.
Арина СОТНИКОВА, Х кылаас, С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията
Ааптар хаартыскалара