Аммаҕа ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар эдэр ыччаттар оллоонноон олорон олоҥхолоотулар. Кинилэртэн ортолоругар Александра Жарина баар.
Кини Амма Бөтүҥүттэн төрүттээх. Бөтүҥ орто оскуолатыгар 1990-с сылларга Анисия Даниловна Софронова төрүттээбит “Оллоон” фольклорнай бөлөҕөр дьарыктаммыта.
Мин урут олоҥхоһут хайаан да культура эйгэтигэр үөрэнэр дии саныырым. Онтон Александра Жарина финансовай-экономическай колледжка үөрэнэрин истэммин, кырдьык, соһуйдум.
– Олоҥхо буоллун да культура эрэ диэн өйдөбүл буолбатах. Олоҥхоһут буолан баран математик да буолуоххун сөп. Оннук улахан күүһү, кыаҕы биэрэр. Киһи өйүн-санаатын ыраастыыр, сааһылыыр, сахалыы тыыҥҥа иитэр. Киһи ыллаан-туойан тыына уһуур. Олоҥхо киһиэхэ тыл саппааһын иҥэрэр. Ол барыта өйгөр-санааҕар хаалан олоҕун устата туһалыыр, – диэн кэпсиир Александра Жарина.
Инникитин олоҥхону бэйэтигэр өссө сайыннарар былааннаах. Оскуоланы бүтэрэн олох киэҥ аартыгар үктэммитин кэннэ олоҥхо кини суолун-ииһин арыйан иһэр курдук. Араас түһүлгэлэргэ ситиһиилээхтик кыттар, сайдыы саҥа тыһымыгар тахсар.
Оҕо олоҥхону бэйэтин баҕатынан үөрэтэрэ ордук. Баҕарбат киһи олоҥхону толорбот. Ис туруккунан, өйгүнэн-санааҕынан арыллан ылыннаххына, олоҥхо эйиэхэ утары уунара олус элбэх, – диэн этэр 19 саастаах олоҥхоһут кыыс Александра Жарина.
***
Орто дойду олоҕун кэрэтин олоҥхо тылынан Александра Жарина, Мира Егорова толороллор https://vk.com/clip-199463452_456241703?c=1
Эрчим НИКОЛАЕВ, VIII кылаас,
В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата, Амма
Видео ааптардара Изольда Харлампьева, А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата; Арина Сотникова, С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията