Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕар айаннаан иһэн, Эмис нэһилиэгэр саха норуотун поэта Владимир Михайлович Новиков-Күннүк Уурастыырап төрөөбүт алааһыгар Саппыйаҕа ыалдьыттаабыппыт.
Биһигини Күннүк Уурастыырап “Үрүмэччи маҥан ата” уруйдуу-айхаллыы көрсүбүтэ https://vk.com/clip-199463452_456241710?c=1
Бу паамытынньыгы киһи тута сөбүлүү көрөр. Нарын-намчы, кырдьык даҕаны, ”Үрүмэччи маҥан ат үчүгэйин баҕаһын”!
Владимир Михайлович айымньытыгар ханнык ат ойуулунарый? Бу туһунан биһиэхэ, “Кэскил” медиа оскуола юнкордарыгар, Эмис нэһилиэгин олохтооҕо, уһун сылларга оскуолаҕа саха тылын уонна литературатын үөрэппит учуутал Алексей Ильич Гаврильев кэпсээтэ.
– “Үрүмэччи маҥан ат” хоһоонун Күннүк Уурастыырап 1944 сыллаахха суруйбута. Саха дьоно бу хоһоону тута ырыа гынан ыллаан көтүппүттэрэ күн бүгүнүгэр диэри норуот уоһуттан түспэт. Билигин эдэр ырыаһыттар “Үрүмэччи маҥан аты” ыллаан бэйэлэрин саастыылаахтарыгар киэҥник тарҕаталларын үөрэ истэбит. Ат барахсан оччолорго олоххо-дьаһахха саамай туттуллар, көлүллэр саха киһитин эрэллээх көмөлөһөөччүтэ этэ.
Үрүмэччи маҥан ат чахчы, биһиэхэ, эмистэргэ үөскүү сылдьыбыт, сүрдээх кыахтаах, күүстээх-уохтаах ат эбит. Күннүк Уурастыырап бэйэтэ ону көрбүт, билэр буолан бу хоһоонун сүрдээх өр – алта ый – толкуйдаан, чочуйан суруйбут.
Күннүк Уурастыырап атын да айымньыларын сүрдээх өр чочуйара. Тылга-өскө оннук кытаанах ирдэбиллээх суруйааччы этэ, – диэн Алексей Ильич Гаврильев олус үчүгэйдик кэпсээтэ.
Арина СОТНИКОВА, X кылаас, С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията
Ааптар хаартыската