Эмис – Амма улууһун нэһилиэгэ. Айан аартыгар турар. Нэһилиэк аата тугун дьиктитэй диэн киһи интэриэһиргиир.
Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕар айаннаан иһэн Эмискэ Саппыйа алааска тохтоон аастыбыт. Нэһилиэк биир ытыктанар учуутала Алексей Ильич Гаврильев Эмис биллэр ураты талааннаах дьонун туһунан олус үчүгэйдик кэпсээтэ. Түгэни мүлчү туппакка, нэһилиэк тоҕо Эмис диэн ааттаммытын туһунан ыйыталастым. Ол маннык эбит.
Былыр-былыргыттан үһүйээҥҥэ киирбитинэн, Эмис эмээхсин диэн олоро сылдьыбыт. Бу эмээхсин Амма диэки Эмис күөлүн аттынан олорор. Дьоно-сэргэтэ кэхтэн барбытыгар ыксаан, толкуйдаан баран, «кэхтии бараары гынна, ити дойдуну баран көрөн кэлиҥ» диэн хоһууннарын ыытар.
Элиэтиир хоһуунтан биир хоһууна бу диэки кэлбит. Ол кэлэн бу дойдуну элбэх киэҥ алаастардаах, күөллэрдээх, ото-маһа үчүгэйдик үүнэр, сүөһү-ас туруон сөп сирэ эбит диэн билэн-көрөн барбыт. Онтон сирдэтэннэр бу дойдуну булбуттар. Дьэ ити кэмтэн ыла биһиги дойдубут Эмис сирэ диэн ааттаммыт.
Биир дойдулаахпыт, саха норуотун поэта Владимир Михайлович Новиков-Күннүк Уурастыырап кэпсиир буолар этэ: «Манна кэлэн биһиги эмээхсиммит ыһыахха киирэригэр икки сыарҕаҕа биир оҕус кыайбат буоллаҕа дии. Икки сыарҕанан киирэн күөх окко олорбут бэлиэтэ тоҕус ууллуҥах буолара үһү», — диэн.
Кэскилээнэ СИВЦЕВА, VIII кылаас,
С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата