Ааспыт үйэттэн ордон хаалбыт былыргы дьиэлэр олох историятын кэпсиир аналлаахтар. Эн Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр кэллэххинэ, дэриэбинэ ортотугар турар былыргы дьиэни хайаан да бэлиэтии көрүөҕүн.
Бу ураты дьиэ. Ол туһунан биһиги нэһилиэкпитигэр олорон ааспыт ытык кырдьаҕас Тарас Николаевич Степанов куруук кэпсиир эбит.
«Бу дьиэ истиэнэлэрин хас биирдии маһа, муннуга Чээбий уус тылын иҥэринэн тураллар. Манна Чээбий олоҥхолообута”, – диэн Тарас Николаевич кэпсээбитин кыыһа Татьяна Тарасовна Степанова этэр.
Былыргы кэмтэн ордон хаалбыт дьиэ диэтэххэ, туруга үчүгэй. Араас кэмҥэ ыаллар олоро сылдьыбыттара. Чиргэл маһынан тутуллубут буолан, биһиги үйэбитигэр диэри тиийэн кэллэҕэ. Уһун үйэлэнэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалыы турар.
Чээбий олоҥхолообут дьиэтэ Саха сиригэр историческай архитектурнай тутуу быһыытынан сыаналаныа дии саныыбын.
Эрчим НИКОЛАЕВ, VIII кылаас,
В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата, Амма
Алина Монастыршина уруһуйа