Саха норуотун поэта Иван Васильевич Мигалкины саха дьоно улаханнык ытыктыыра, таптыыра. Ол туһунан «Айар» кинигэ кыһатын генеральнай дириэктэрин солбуйааччыта Валерий Николаевич Луковцев маннык ахтар:
– Бүгүҥҥү саха норуотугар барытыгар кутурҕаннаах күҥҥэ “Айар” кинигэ кыһатын, салалтатын, бары үлэһиттэрин уонна тус бэйэм ааппыттан Иван Васильевич дьиэ кэргэнигэр, аймахтарыгар, биир дойдулаахтарыгар дириҥ кутурҕаммытын биллэрэбит.
Иван Васильевич чахчы поэт дууһалаах, айылҕаттан айар-тутар киһи этэ. Кини литератураҕа суруйааччы быһыытынан олоҕу дириҥник кэтээн көрөр, тугу барытын сүрэҕинэн, дууһатынан билэр этэ.
Уонна эппиттэрин курдук, оҕо сааһыттан улахан суруйааччылары кытта тэҥҥэ алтыһан сылдьыбыт, кинилэр сүбэлэрин-амаларын, кириэстэрин олоҕун тухары илдьэ сылдьан онно анаабыт киһи буолар.
Киһи быһыытынан сүрдээх иһирэх дууһалаах, дьоҥҥо болҕомтолоох сыһыаннаах, аһыныгас сүрэхтээх этэ. Ол да иһин Иван Мигалкин айымньылара, ытыктыыр, убаастыыр аҕа суруйааччыларын туһунан ахтыылара куруутун киһи сүрэҕин долгутар, таарыйар уонна “бу маннык киһи олорон ааспыт эбит” диэн өйдөбүлү чиҥкэтик биэрэр буолара.
Иван Васильевич Суруйааччы Сойууһун салалтатыгар кэлбит кэмнэрэ сүрдээх уустук кэмнэр этэ. Улахан суруйаччыларбыт утуу-субуу биир кэмҥэ олохтон туораабыт, дойду олоҕор туруору уларыйыы кэмнэригэр литератураҕа интэриэс мөлтөөбүт кэмнэригэр кини чахчы литература туһугар ыалдьар буолан, ис сүрэҕиттэн кыһаллан үлэлээбитэ. Норуодунай поэт, Суруйааччы Сойууһун салалтатыгар тахсан да баран, хайдах баарынан уларыйбакка, дьоҥҥо ол курдук сыһыаннаһар этэ.
Биһиги кинигэбит кыһатын «Литература күннэрэ» диэн тэрийэр тэрээһиннэрбитигэр доруобуйатын аахсыбакка ыраах улуустарынан куруутун элбэхтэ сылдьыһар буолар этэ. Дьоҥҥо-сэргэҕэ адьас ис сүрэҕиттэн арыллара. Бэйэтин санаатын олус истиҥник тириэрдэрин ааҕааччылар сөбүлүүллэрэ. Иван Мигалкин кэлэрин ханнык баҕар улууска, нэһилиэккэ кэтэһэр буолаллара.
Уйбаан Баһылайабыс олоҕун литератураҕа анаабыт киһи. Кулантай аатынан литературнай музейы кэргэнин Зоя Васильевнаны кытта аан маҥнай тэрийбиттэрэ.
Кини сыал-сорук оҥостон туран талааннаах суруйааччыларбытын ааттара умнуллан хаалбакка, кинилэр үлэлэрэ туох суолталаах этэй, киһи быһыытынан хайдах этилэрий диэҥҥэ, ону тиэрдэргэ олоҕун тиһэх күннэригэр диэри куруутун кыһаллан туран үлэлээбитэ.
Уйбаан Баһылыйабыс чахчы норуот тапталлаах суруйааччыта этэ. Бар дьон кинини куруутун сэҥээрэн, өйдөөн ааҕыаҕыа диэн эрэнэбин.
Күндү киһибит, доҕорбут, Иван Васильевич, быдан дьылларга бырастыы…
Бэчээккэ бэлэмнээтилэр Кристина ИВАНОВА, Сардаана МАТВЕЕВА