Ыам ыйын 19 күнүгэр буолан ааспыт VIII Арассыыйатааҕы ЗаБег.РФ полумарафоҥҥа 6 саастаах Айыллаана Александрова бастакытын кыттан, финишка 245 оҕоттон 197-тис кэлбит. Айыллаана инсулиннанар саахарнай диабеттаах оҕо (1-кы тииптээх). Айыллааналыын уонна кини ийэтин Анисия Пантелеймоновна Слепцованы кытта көрсөн сиһилии кэпсэттибит.
.
Айыллаана, иллэҥ бириэмэҕэр тугу гынаргын сөбүлүүгүнүй уонна туох баҕа санаалааххыный ?
— Мин алта саастаахпын. Иллэҥ кэммэр мультик көрөрбүн, самокааттыырбын, уруһуйдуурбун араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттарбын сөбүлүүбүн. Ролигынан уонна велосипедынан хатааһылыы үөрэниэхпин баҕарабын.
Анисия Пантелеймоновна, Айыллаана ийэтэ:
— Айыллаана «Мамонтенок» оҕо саадын иитиллээччитэ. Кыыспытыгар биир сааһыгар инсулиннанар саахарнай диабеттаах (1-кы тииптээх) диэн диагноһы туруорбуттара. Дозата кыра буолан саахара түһэ сылдьар этэ, ол иһин икки сааһыгар бэйэм сөбүлэҥмин биэрэн Москваҕа баран помпа туруортарбыппыт. Ол саҕана 6 сааһыттан помпаны туруорар көҥүллэнэр этэ. Айыллаанаҕа эксперимент быһыытынан Medtronic помпатын туруорбуттара. Ол кэннэ оҕолорго 4 сааһыттан Аан дойдуга туруорага көҥүл биэрбиттэрэ. Онон, эндокринология науката сайдарыгар бэйэтин кыра кылаатын киллэрбитэ.
— Туох санааттан бу сүүрүүгэ кытынныгыт ?
— Диабеттаах оҕолор хамсаналлара, сүүрэллэрэ, успуордунан дьарыктаналлара хааннара хамсыырыгар, сахардарын нуормаҕа тута сылдьалларыгар олус туһалаах. Биһиги бу сүүрүүгэ улахан уолбун уонна кыра кыыспын кытта сүүрбүппүт. Бу күн Сочиттан көтөн кэлэн баран тутатына сүүрэ барбыппыт. Финишка дылы кэлбит киһиэхэ барыларыгар мэтээл биэрэллэр эбит. 1000 миээтэрэҕэ оннооҕор улахан киһи сүүрэригэр уустук буолар. Айыллаана төһө да ыарырҕаттар финишка дылы сүүрэн кэлэн, мэтээл ылан, бэйэтин кыайда. Сүүрүүгэ кыттарбытыгар көҥүл биэрбитин иһин, бырааспытыгар Татарникова Оксана Валерьевнаҕа махталбытын тиэрдэбит. Эһиил эмиэ оҕолорбун кытта сүүрүөхпүт дии саныыбын. Диабеттаах оҕолортон маннык сүүрүүлэргэ, марафоннарга эрдэ ким да кытта илик эбит. Айыллаана саҕалааччы буолар. Ол иһин атын диабеттаах оҕолорго инникитин сүүрүүлэргэ кытталларыгар көҕүлүүр күүс буолуо диэн бигэ эрэллээхпит.
— Айыллаана оҕо саадыгар хайдах сылдьарый ?
— Саахарын ким хонтуруоллууруй ?
— Оҕо саадыгар үлэлиир медиктар помпаны үөрэппэтэх буоланнар куттаналлар этэ. Ол иһин бэйэм баҕабынан оҕом сылдьар саадыгар үлэлии киирбитим. Ассистент- воспитателя диэн дуоһунас биэрэннэр, оҕобор чугас сылдьан үлэлиибин. Саахарын бэйэм хонтуруоллуубун.
— Дьиэ кэргэнинэн иллэҥ кэмҥитигэр тугунан дьарыктанаҕытый ?
— Биһиги элбэх оҕолоох дьиэ кэргэммит. Үс оҕолоохпут. Успуорду өрө тутабыт. Оҕолорбутун барыларын сүүрүүгэ, успуорка кыра эрдэхтэриттэн сыһыара сатыыбыт. Маны таһынан дьиэ кэргэммитинэн тас дойдуларга баран күүлэйдиирбитин, саҥа дойдулары куораттары арыйарбытын сөбүлүүбүт. Оҕо тас дойдуларга сылдьан сайдар, олоҕу көрүүтэ кэҥиир.
— Диабетаах оҕолоох төрөппүттэргэ тугу сүбэлиэ этигитий ?
— Оҕону хааччахтыы сатаамаҥ диэн этиэм этэ. Оҕолору кытта тэҥҥэ оскуолаҕа үөрэттэриҥ, оҕо саадыгар сырытыннарыҥ уонна төһө кыалларынан физкультураҕа, успуорт эйгэтигэр сыһыарыҥ. Олорон хаалымаҥ!
— Ыйытыыларбар эппиэккит иһин махтал! Айыллаанаҕа ситиһиилэри!
Виктория Колодезникова