Улуу Кыайыы 79 сылын көрсө ыам ыйын 9 күнүгэр олохтоох «Күөрэгэй» КЭК-ҥэ Людмила Никольская «Должна остаться живой», Олег Шестинский «Блокадные новеллы» айымньыларыттан «Өссө да олоруохпун баҕарабын » испиктээк буолла.
Бу испиктээги Винокурова Евдокия Борисовна салайааччылаах «Мааска» оҕо драматическай куруһуогун иитиллээччилэрэ туруордулар. Испиктээк Аҕа дойду сэриитин кэмигэр Ленинград куорат блокадатынааҕы оҕолор дьылҕаларын кэпсиир ис хоһоонноох.
Сүрүн оруолга 7-ис кылаас үөрэнээччитэ Слепцова Изольда уонна 2-ис кылаас үөрэнээччитэ Слепцов Айсен оонньоотулар. Оҕолорбут бары олус итэҕэтиилээхтик оонньоон, көрөөччүлэр олус уйадыйан, долгуйа көрдүбүт.
Оччотооҕу кэм таҥаһын-сабын, малын-салын оҕолор нэһилиэк олохтоохторуттан көрдөөн буланнар бэрт сатабыллаахтык тэриммиттэр. Онон кырачаан артыыстарбыт оруолларын уобараһыгар киирэн оонньообуттара, оччотооҕу кэми дьиҥнээхтии тилиннэрбит курдук санаатыбыт.
Көрөөччүлэр бары уйадыйан ылбыттарын, оҕолор талааннарын сөхпүттэрин, салайааччы сатабылын хайҕаатылар, астынан тарҕастылар.
И. Ноговицына
Өлөөкө-Күөл б.