Бүгүн ыам ыйын 9 күнэ. Улуу Кыайыы 79 сыла. Бүгүн биир дойдулаахпыт, саха норуотун поэта Владимир Михайлович Новиков-Күннүк Уурастыырап төрөөбүт күнэ.
Эмис нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ Күннүк Уурастыырап төрөөбүт Саппыйа алааһыгар мустан аастыбыт. Оҕолор, учууталлар, ыалдьыттар Күннүк Уурастыырап хоһооннорун, олоҥхотун дорҕоонноохтук толордубут. Эмис эр дьоно ырыаларын ыллаатылар. Кутаа уотугар хаас миинэ буста. Самабаарга чэй оргуйан буруолаата. Саппыйа алаадьы минньигэс сытынан туолла. Уурастыырап балаҕанын иһигэр көмүлүөк оһох сылааһыгар угуттанан алгыс иҥэриннибит. Аммалыы оһуохай дьиэрэйдэ.
Үөрүүлээх тэрээһиммитигэр Амма улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Ньургуяна Ивановна Илларионова ыалдьыттаата.
– Бүгүн ураты күн. Кыайыы 79 сылын бэлиэтиибит. Бу хас биирдиибитин түмэр, сомоҕолуур күн. Маннык ураты күн биһиги сүдү киһибит, саха саарына, норуот поэта Владимир Михайлович Новиков-Күннүк Уурастыырап күн сирин көрбүтэ. Эмис нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ поэт төрөөбүт Саппыйатыгар түмсэн, кини тыыммыт салгынынан тыынан, кус-хаас миининэн кэлбит дьону күндүлээн, хоһооннорун ааҕан, олоҥхотун толорон, “Үрүмэччи маҥан атыгар” сүгүрүйэн, Күннүк Уурастыырабы кытта ситими быспаккыт, – Нь.И. Илларионова санаатын үллэһиннэ.
Ити курдук Күннүк Уурастыырап Саппыйатыгар сылдьан, балаҕаныгар олорон, көмүлүөк оһох уотун сылааһыгар сыстан, өйдүүн-санаалыын сырдаан тарҕастыбыт.
Эрчим НИКОЛАЕВ, VIII кылаас,
В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата, Амма