Чурапчы гимназията Улуу Кыайыы 79 сылын үөрүүлээхтик көрүстэ. Дойду олоҕор суолталаах күҥҥэ биһиэхэ Чурапчы нэһилиэгин «Куоҕалы» түөлбэтин тыыл уонна үлэ бэтэрээннэрэ ыалдьыттаатылар.
Бу күн Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, буойун-учуутал Степан Кузьмич Макаров сырдык аатыгар сүгүрүйэн, пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдубут.
Үөрүүлээх линиэйкэҕэ Кыайыы күнүнэн ыалдьыттары, учууталлары, үөрэнээччилэри Чурапчы гимназиятын дириэктэрэ Юрий Михайлович Слепцов, бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ, майор Семен Иванович Никитин, «Куоҕалы» түөлбэ бэрэссэдээтэлэ Федора Самсоновна Седалищева эҕэрдэлээтилэр.
Ыалдьыттар ааттарыттан бэтэрээн Анастасия Петровна Филиппова дириҥ ис хоһоонноох тыл эттэ:
Ханнык да түгэҥҥэ, дойдугутун түһэн биэримэҥ, үчүгэйдик үөрэниҥ, үлэлээҥ, үүнүҥ-сайдыҥ, бу үчүгэй олоххо олоҕу оҥорсуҥ, кырдьаҕастары ытыктааҥ, убаастааҥ.
Оҕо хамсааһына «Республика Гимназия» актыбыыстара учууталлар уонна үөрэнээччилэр ааттарыттан бэйэлэрэ оҥорбут истиҥ тыллардаах открыткалары бэтэрээннэргэ бэлэх ууннулар. Х «А» кылаас үөрэнээччилэрэ Алина Местникова уонна Айыына Васильева «Баллада о матери» хоһоону истиҥник толордулар. VIII «Б» кылаас үөрэнээччилэрэ Алеша Екечьямов, Денис Васильев, Андрей Михайлов «Жди меня» хоһоону аахтылар.
Салгыы «Мохсоҕол» байыаннай-патриотическай кулууп иитиллээччилэрэ, VIII «Б» кылаас кэллэктиибэ бэртээхэй нүөмэри көрдөрдүлэр.
Онтон Улуу Кыайыыны уһансыбыт ытык-мааны дьоммутун санаан чуумпуран турдубут.
Бүгүҥҥү тэрээһин бука барыбытыгар, чуолаан оҕолорго, Аҕа дойду Улуу сэриитин ыар кэмнэрин, биир дойдулаахтарбыт күөх халлаан, эйэ, кэскил иһин сырдык тыыннарын толук уурбут, туохха да тэҥнэммэт хорсун быһыыларын сыаналыахтаахпытын өссө төгүл өйдөттө.
Салгыы байыаннай ырыа уонна строй көрүүтэ буолла. Кылаастар бары олус үчүгэйдик бэлэмнэммиттэр.
V-VII кылаастар икки ардыларыгар
1 миэстэ – VII «А» кылаас;
2 миэстэ – VI «А» кылаас;
3 миэстэ – VI «Б» кылаас;
«Бастыҥ форма» – VII «Б» кылаас;
«Строевой ырыаны бастыҥ толоруу» – V «Б» кылаас;
«Бастыҥ хамандыыр» – Кира Саввинова, VII «А» кылаас;
«Бастыҥ строевик» – Ким Дана, VI «А» кылаас.
VIII, X кылаастар икки ардыларыгар
1 миэстэ – X «Б» кылаас;
2 миэстэ – VIII «Б» кылаас;
3 миэстэ – VIII «А» кылаас;
«Бастыҥ форма» – VIII «Б» кылаас;
«Строевой ырыаны бастыҥ толоруу» – VIII «А» кылаас;
«Бастыҥ хамандыыр» – Андрей Степанов, X «Б» кылаас;
«Бастыҥ строевик» – Анна Захарова, X «В» кылаас.
«Гимназия түмсүүтүн көрдөрдө»
– Оҕолор сүрдээҕин бэлэмнэммиттэр, олус үчүгэйдик хаамтылар. Биһиги дьүүллүүр сүбэ быһыытынан үлэлээтибит. Түмүк таһаарарбытыгар олус мөккүөрдээх этэ, ол гынан баран төһө кыалларынан дьиҥнээҕинэн сыаналаатыбыт.
Оҕолорго, Кыайыы 79 сылынан эҕэрдэлээн туран, байыаннайдыы үөрэхтэрин, доруобуйаларын көрүнэ сылдьалларын баҕарыам этэ. Уопсайынан бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ учууталлар түмсүүлэрэ даҕаны, гимназистар даҕаны үчүгэйдик бэлэмнэммиттэр диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын, – диэн кылаабынай судьуйа Семен Иванович санаатын үллэһиннэ.
Бу курдук биһиги гимназиябытыгар Улуу Кыайыы күнүгэр аналлаах тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ааста.
Хас биирдии киһи ыраас халлаан анныгар олороругар махтаныахтаах. Онон олохпутун сыаналыахха, кыраттан даҕаны үөрэ сылдьыахха. Санааны түһэрбэккэ, туохтан да толлубакка үүнүүгэ-сайдыыга дьулуһуохха. Кыайыы күнүнэн!
Вилена СТРУЧКОВА, VIII «А» кылаас, «Тумус кыһа» пресс-киин,
С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията