Бу ыам ыйын күннэригэр дойдубут Россия уонна Саха сирин олохтоохторугар улахан бэлиэ өйдөбүнньүктээх бырааһынньыктар бааллар. Олортон саамай долгутуулаах Улуу Кыайыы 79 сылын бэлиэтээһин. Күнтэн күн дьиҥ кыайыы иһин уоттаах сэриигэ олохторун харыстаабакка кыттыбыт хорсун хоодуот дьон ахсаана аҕыйаан иһэр.
Улуу кыайыыны сэриилэспит эрэ дьон уһансыбатахтара, күүстээх уохтаах сааны кыайан тутар кыахтаах эр дьон сэриигэ ыҥырыллан барбыттара, онтон тыылга дьахталлар, оҕолор, кырдьаҕастар хаалан туох баар үрүҥ-хара үлэни кинилэр толорбуттара. Түүннэри-күнүстэри бэйэлэрин харыстаммакка “Тух барыта фроҥҥа” диэн ыҥыырыыннан норуот уонна тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбиттэрэ. Билигин ол кэмҥэ олорбут, үлэлээбит “Сэрии кэминээҕи тыыл үлэтин бэтэрээннэрэ” (Ветераны трудового фронта) эмиэ аҕыйаатар аҕыйаан иһэллэр. Уоттаах сэрии буола турар да кэмигэр дьон-сэргэ син биир олоххо тардыһан ыал буолан оҕолоноллоро. Аччык, ыарахан кэмҥэ төрөөбүт оҕолор олохторо эмиэ ыарахан этэ. Билигин кинилэр “Сэрии кэмин оҕолоро. Дети войны” диэн ааттаах, 80-ннарыттан тахсан ахсааннара эмиэ күннэтэ аччаан иһэр.Ол да иһин үүнэр көлүөнэ дойдубут ааспыт олоҕун ыарахан дьылларын, хайдахтаах курдук туруулаһан туран туораан бу билиҥҥи, уйгу быйаҥ, олоххо кэлбиттэрин өйдүөх, өйдөтүөх тустаахпыт. Итинник үтүө санааннан салайтаран араас өйдөбүнньүк тэрээһиннэргэ ыччаттар кыттан кырдьаҕастары көрсөн, сэмэй бэлэх-тутах туттараллара, ытыктабылларын биллэрэн кэлэн кэпсэтэн-сэһэргэһэн бараллара күндү. Баҕар сарсын ол кыаллыа суоҕа ээ…
Ыам ыйын 7 күнүгэр соһуччү биһиэххэ элбэх да элбэх астаах-үөллээх үс толору дааһыктары көтөхпүтүнэн биир уолчаан ийэтин кытта киирэн кэллэ. Олус диэн соһуйдубут, үөрдүбүт, тылбытыттан матан арай:
-“Уой даа, бачча элбэх бу биһиэхэ дуо? Тоҕо бэрдэй! Кимҥитий? Ким ыытта? – диэн уолуйан ыйытыы үрдүгэр ыйытыы куттубут. Онтубут кыра сиэммит Таня Винокурова (кини бу кэмҥэ ийэтин кытта ыраах сылдьар) бииргэ үөрэнэр куорат 31 №-дээх орто оскуолатын 1 “а” кылаас уола Валера Ефремов диэн эбит, кылааһын учуутала Зинаида Егоровна.
Дьэ бу оҕо ийэтинээн тус бэйэлэрин баҕа санааларынан салайтаран Танечка эһээтигэр уонна эбээтигэр көтөх муҥунан кэһии көтөҕөн аҕалбыттар. Дьэ киһи сөҕүөх манна туох суоҕуй? Киһи күннэтэ аһыыр ас барыта кэриэтэ баар: крупа арааһа, бурдук, бэчиэнньэ арааһа, кэмпиэт, растительнай арыы, оҕурцуу, помидор, дьаабылыка, мандарин, онооҕор килиэпкэ тиийэ, онтон да атын киһи ааҕан сиппэт.
Дьэ сөҕүү, үөрүү… Аны Валера бэйэтэ 9 маай, Улуу кыайыы тиэмэтигэр эҕэрдэ уруһууйдара. Сытыы, чобүо оҕо бэйэтэ эҕэрдэлээн тыл эттэ. Аны тулуйан кырдьаҕас дьон харда махтал тылларын ылынар курдук балайда уһуннук болҕомтолоохтук иһиттэ. Василий Степанович Валераҕа хардары мемуар кинигэтин бэлэхтээтэ.
. Бу 1 “а” кылааска 19 сэрии кытыылаахтарын бэтэрээннэрэ, 13 тыыл бэтэрээнэ уонна 1 “Сэрии сылын оҕото” диэн кырдьаҕас эбээлэр, эһээлэр, хос эһээлэр бааллар эбит. Онон кырачаан маҥнайгы кылаас үөрэнээччилэрэ учууталларын уонна төрөппүттэрин салалтатынан барыларын кэрийэн маннык бэлэх оҥордохторо. Дьэ бу маннык кэнчээри ыччаттаах буоллахпытына Саха Сирэ, Россия инники кэскиллээх, сайдыылаах, кытаанах туруктаах буолуо диэн бигэ эрэллээхпит
Махталы кытта: Василий Степанович Винокуров, СР тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, экономическай наука кандидата, СР 12 ыҥырыылаах Үрдүкү сэбиэт депутата ;1990-93 сс.), Өймөкөөн, Анаабыр, Эбээн-Бытантай улуустар Бочуоттаах олохтооҕо, СР Бочуоттаах бэтэрээнэ, “Гражданская доблесть” бэлиэлээх.
Маргарита Егоровна Винокурова, педагогическай наука кандидата, СР үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, Өймөкөөн, Эбээн-Бытантай улуустар Бочуоттаах олохтооҕо, СР Үөрэҕин Бочуоттаах бэтэрээнэ, Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.