Муус устар 30 күнүгэр Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар «Мин — өрөспүүбүлүкэ инники кэскилэбин!» диэн тумус тыллаах «Ситиһии күнэ» үрдүк таһымҥа буолан ааста. Бу күн Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Тааттаҕа Таптал, Эрэл, Итэҕэл сылын чэрчитинэн ыытылынна.
Тэрээһин үөрэнээччилэр уонна учууталлар холбоһуктаах хордарынан саҕаланна. Бастаан холбоһук директора А.В. Мосоркина киирии тылынан арыйда, үөрэх дьылын ситиһиилэрин кэпсээтэ. Онтон туйгун, бастыҥ үөрэхтээх үөрэнээччилэр, студеннар чиэстэннилэр. Онтон араас хайысханан ситиһиилээх үөрэнээччилэри эҕэрдэлээтилэр. Сүүрбэттэн тахса бастыҥтан бастыҥнар анал стипендиялары тутан үөрүү өрөгөйүн биллилэр.
Ситиһиилээх үөрэнээччилэри өйөөн анал стипендиялары туттарар Харбалаах олохтоохторугар, Мординовтар аймахха, учууталларбытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит! Оҕолорун туһугар кыһанан, иитэр-үөрэтэр үлэҕэ куруук көхтөөхтүк кыттыһар Васильевтар, Винокуровтар, Оконешниковтар «Бастыҥ дьиэ кэргэн» бэлиэнэн наҕараадаланнылар. Элбэх дьиэ кэргэн «Махтал суругунан» бэлиэтэннилэр. Түмүккэ, «Сыл бастыҥ үөрэнээччитэ» үрдүк аатынан 9 кылаас үөрэнээччитэ Айсен Бястинов ааттанна! «Сыл бастыҥ студена» ааты Александр Оконешников сүктэ.
«Ситиһии күнэ» өссө да үрдүккэ, сырдыкка, кэрэҕэ угуйа, ыҥыра, сирдии турдун! Үөрэнээччилэрбит өрөспүүбүлүкэ кэскилин түстэһэр чулуу дьон буола үүнэн-үрдээн истиннэр!
Таисия Андреева, 7 кылаас үөрэнээччитэ, Таатта, Харбалаах.