Үлэ киһини киэргэтэр. Бу этии олус сөптөөх. Бу күннэргэ Чурапчы нэһилиэгин биир тарбахха баттанар үлэһит Илларионовтар педагогическай династияттан нуучча тылын уонна литературатын учууталын Татьяна Васильевнаны кытта кэпсэттибит.
– Татьяна Васильевна, бастатан туран дьиэ кэргэҥҥит туһунан кэпсээн. Бу идэни аан бастаан ким талбытай?
– Биһиги Илларионовтар дьиэ кэргэҥҥэ бииргэ төрөөбүт икки оҕобут. Төрөппүттэрим иккиэн учууталлар. Ийэм Мария Даниловна алын кылаас, аҕам Василий Васильевич история учуутала.
– Бу идэ эппиэтинэһэ хайдаҕый?
– Учуутал идэтэ диэн сүрдээх эппиэтинэстээх дии саныыбын, тоҕо диэтэххэ оҕо киһи инникитин түстүүр. Үөрэнээччи киһи быһыытынан иитиллэн тахсарыгар учуутал суолтата олус улахан.
– Учууталынан үлэлииргэ киһиэхэ ханнык сүрүн хаачыстыба нааданый?
– Бастатан туран учуутал идэтигэр оҕолору таптыыр киһи үлэлиэхтээх, иккиһинэн үлэтигэр бэриниилээх киһи буолуохтаах. Бу сүрүн хаачыстыбалар саамай наадалаахтар дии саныыбын.
– Идэҕитин уларытар туһунан санаа хаһан эмит киирэ сылдьыбыта дуо?
– Суох, оннук санаа хаһан да киирбэтэҕэ.
– Биир идэлээх дьон үлэҕит туһунан дьиэҕитигэр төһө кэпсэтэҕит?
– Төрөппүттэрим билигин хомойуох иһин суохтар. Баар эрдэхтэринэ үлэбит сүнньүнэн кэпсэтэн бөҕө буоллаҕа. Мин үлэбин саҕалыырбар ийэлээх аҕам наһаа көмөлөспүттэрэ. Уруокка учуутал хайдах оҕолору кытта сөптөөх хайсханы булан кэпсэтиэхтээҕин, хайдах сыһыан ордук буолуон сөбүн, кылаас таһынан үлэҕэ, төрөппүттэри кытта уопсай тыл булан үлэлэһэргэ куруутун үтүө сүбэһиттэрим этэ.
– Бэйэ бэйэҕитин ырытааччыгыт дуо, холобура алҕаскытын, кыайыыгытын?
– Оннук диэн баара. Мин тиийэн дьоммор кэпсиибин буоллаҕа дии, бүгүн уруокпар маннык буолла, тугум эрэ табыллыбата диэн хомолтобун этэбин эбэтэр туох эрэ табыллынна диэн үөрэбин, ону дьонум бэйэлэрэ уопуттаах дьон быһыытынан миэхэ көмө буолбуттара. Ырытан, араас түгэннэри быһааран биэрэллэрэ.
– Салгыы оҕолоргут, сиэннэргит ханнык идэни талыахтарын баҕараҕытый?
– Икки уолум педагогическай үөрэхтээхтэр, улахан уолум математика информатика учууталыгар үөрэнэн бүтэрэн баран пединститутка магистратураҕа киирэн корпоративное электронное обучение диэн идэни ылбыта. Кыра уол пединститутка информатика и вычислительная техника салаатын бүтэрэн эмиэ информатика учуутала идэлээх.
– Оҕолоргутугар уонна кэллиэгэлэргитигэр тугу баҕарыа этигитий?
– Оҕолорго, үөрэнээччилэрбэр кыһамньыны баҕарыам этэ, инники олохторун толкуйдаан үчүгэйдик үөрэнэллэригэр, хайаатар да туох эрэ эбии дьарыктаах буолалларын уонна биллэн туран үтүө үлэһит дьон буолан тахсалларыгар баҕарабын. Кэллиэгэлэрбэр доруобуйаны, үлэлэригэр, тус олохторугар ситиһиилэри баҕарабын.
– Эппиэттэргит иһин махтал, Татьяна Васильевна!
Кэпсэттэ 10 гуманитарнай кылаас үөрэнээччитэ Лида Борисова
С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата