Хас биирдии дойду, өрөспүүбүлүкэ, улуус, нэһилиэк ааттаах-суоллаах гиэрбтээх буолар. Гиэрбэ нөҥүө киһи дойдутун туһунан элбэҕи билэр-көрөр.
Биһиги нэһилиэкпит Хайахсыт. «Тоҕо маннык ааттаммыта буолуой?» диэн ыйытыаххыт. Нэһилиэк аата хайах оҥорор киһи диэн суолталаах. Онтон хайах саха киһитэ эрэ барыта сөбүлүүр үрүҥ аһа буолар. Бу мааны ас. Мааны ыалдьыттары улахан тэрээһин кэмигэр айах тутан көрсөллөр. Хайаҕы ытыйан оҥороллор. Ити барыта түмүллэн, Хайахсыт нэһилиэгин сүрүн бэлиэтэ буолан, нэһилиэк гиэрбэтигэр ойууламмыт.
Хайахсыт нэһилиэгин гиэрбэтэ нэһилиэк депутаттарын сэбиэтин 2011 сыл олунньу 17 күнүнээҕи 151 №-дээх быһаарыыларынан бигэргэммитэ.
Гиэрбэ ортотугар араҥас ытык ойууланан турар. Араҥас дьүһүн күнү бэлиэтиир, үрүҥ ас, уйгу быйаҥ диэн суолталаах. Кытыытыгар халлаан күөх дьүһүн ыраас халлааны, эйэлээх олоҕу көрдөрөр.
Ити курдук, гиэрбэҕэ хас биирдии уруһуй, дьүһүн улахан суолтаах, нэһилиэк историятын кытта сибээстээх, ситимнээх.
Онтон эн нэһилиэгин гиэрбэтэ тугу кэпсиирий?
Вилена КИРИЛЛИНА, Х кылаас,
А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата, Чурапчы