Хас биирдии киһи сөбүлүүр дьарыктаах. Биһиги оскуолабыт география учуутала Василий Васильевич Дьячковскай үлэтиттэн ураты кэмигэр талах олоппостору оҥоруунан дьарыктанар.
Биһиги эҥэр сөп түбэһэр талах мас үүммэт буолан, өрүс, үрэх кытыытыгар үүнэр мастары аҕалан туһанар. Ситэ куура-хата илигинэ мээрэйдээн, олоппос сирэйин суоран, мастарын таттаран, ыпсаран баран, 1-2 нэдиэлэ устата куурда уурар. Ол кэнниттэн биирдэ олоппоһун хомуйан саҕалыыр эбит. Бөҕө-таҕа буоллун диэн быыһын-ардын килиэйдээн биэрэр эбит. Оччоҕуна өр сылларга сулууспалыыр.
— Олоппос оҥоһуута көрдөххө эрэ судургу курдук. Биир талах олоппос икки нэдиэлэ кэриҥэ хомуллар, — диэн кэпсиир Василий Васильевич.
Ити курдук биһиги учууталбыт төһө да киһи аналлаах үлэлээҕин иһин сөбүлүүр дьарыгар хаһан баҕарар бириэмэ булан дьарыктанар кыахтааҕын көрдөрөр. Киһи иллэҥ кэмин туһалаахтык атаарыан сөбүн туһунан холобур буолар.
Изольда ХАРЛАМПЬЕВА, IX кылаас, А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата,
Чурапчы.