Бэртээхэй бырайыак
Үөһээ Бүлүү улууһун саха тылын уонна литературатын учууталлара Санкт-Петербург–Казань–Йошкар Ола–Москва куораттарынан үөрэтэр, билиини хаҥатар турга баран кэллибит.
Бу айан Үөһээ Бүлүү улууһун Үөрэҕин салаатын начаалынньыга Борбуев Спиридон Олегович бырайыагынан үлэлиир учууталлар таһымнарын үрдэтэр программаларын чэрчитинэн тэрилиннэ. Ону оскуола дириэктэрдэрэ өйөөн, айан ороскуотун үбүлээн, киин сир үрдүк таһымнаах оскуолаларыттан, үрдүк үөрэх тэрилтэлэриттэн үлэлэрин уопутун көрөн, билсэн кэллибит.
Биһиги бөлөхпүт 9 киһиттэн турар: Үөһээ Бүлүү №1-дээх оскуолатыттан Андреева Матрена Пантелеймоновна, Далыр оскуолатыттан Донская Марфа Даниловна, Нам оскуолатыттан Семенова Лилия Васильевна уонна Аввакумова Сардана Леонидовна, Кырыкыйтан Васильева Мария Васильевна, Тамалакаантан Терентьева Галина Васильевна, Хороттон Максимова Саргылана Васильевна, Балаҕаннаахтан Андреева Надежда Николаевна уонна Кэнтик орто оскуолатыттан Тарагаева Надежда Николаевна.
Фольклор конгреһыгар
Айаммыт Санкт-Петербург куораттан саҕаланна. Манна Россия искусстволарын историятын үөрэтэр Зубов аатынан институт “Традиционный фольклор народов России и стран СНГ” диэн аан дойду таһымнаах конгреһыгар уонна конгресс иһинэн ыытыллыбыт “Школа фольклористов” курска сырыттыбыт, Россия араас муннуктарыттан мустубут профессордар, аспираннар дакылааттарын иһиттибит. Адыгея, Казахстан, Киргизия, о.д.а. дойдулар бэйэлэрин фольклордарын, хас биирдии ырыаһыттарын, мусукааннарын кичэйэн үөрэтэллэрин сэргээтибит. Биһиги Сахабыт сиригэр быйыл Улуу П.А.Ойуунускай үбүлүөйэ, кини “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхото граммпластинкаҕа уһуллубута 50 сыла, толорооччу Г.Г. Колесов уонна ону устубут звукорежиссер Г.П. Любимов 80 сааһа буолбутун туһунан В.В. Обоюкова дакылааттаата. Геннадий Павлович бэйэтинэн кэлэн, биһиги делегацияны кытта көрүстэ, араас улуустартан кэлбит эҕэрдэ суруктары тутан, биһиги эҕэрдэ тылбытын истэн үөрэн-көтөн барда. Бу тэрээһин барыта граф Зубов дыбарыаһыгар, Петербург куорат киинигэр ыытылынна.
Кэрэхсэбиллээх куоракка
Санкт-Петербург аатырбыт кэрэ бэлиэ сирдэрин кэрийдибит: Царское Село, Эрмитаж, Эрмитаж иһинэн үлэлиир Бриллиантовай хоско, Гатчинскай дыбарыаска уонна Мариинскай театрга “Кармен-сюита” балекка сырыттыбыт. Постпредствоҕа Бүлүү ырыаһыттарын кытта көрүстүбүт, кинилэр култуура ветераннарын хорун Россиятааҕы күрэҕин дипломаннара буолбуттар (сал. В.В. Васильев). Салгыы бу бөлөх Ытык Ильмеҥҥэ айаннаата. Манна буойуттар уҥуохтарыгар сылдьыы былааннанар эбит. Бүлүү, Үөһээ Бүлүү буорун илтилэр, тоҕо диэтэххэ 17-с хайыһар биригээдэтигэр Бүлүү сүнньүттэн сылдьар үгүс буойун баара биллэр.
Татаар сиригэр
Петербуртан Казань куоракка сөмөлүөтүнэн икки чаас көтөн тиийдибит. Татаардар диэн нууччалар кэннэ ахсааннарынан иккис миэстэҕэ турар Россия олохтоохторо буолаллар. Манна куорат кэрэ бэлиэ сирдэринэн сылдьыы уонна “Школа СОлНЦе” (специализированный олимпиадно-научный центр) диэн дьикти оскуолаҕа сырыттыбыт. Оскуола дириэктэрэ Шмаков Павел Анатольевич 90-с сылларга “Академический колледж” арыйан үлэлэппит. Олохтоох салалтаны кытта сатаспакка, Финляндияҕа көһөр, онно ситиһиилээх учуутал аатын ылан, дойдутугар 2011 с. төннөн кэлэн, быраҕыллан турар детсады саҥардан, бу оскуолатын 2013 с. арыйан үлэлэппит. Оскуола биир уратытынан — манна татаар тылын үөрэтиини, төһө да бобуу, хааччах баарын үрдүнэн, тохтоппотохтор. Суут нөҥүө бу быраабы Павел Анатольевич туруорса сылдьар эбит. Кини биһигини олус эйэҕэстик, ыалдьытымсах хаһаайын быһыытынан итии чэйдээх көрүстэ. Оскуолатын туһунан кэпсээтэ, хас биирдии оҕону аатынан билэрин, кини дьоҕурун, талаанын үөрэ кэпсиирин иһиттибит. Барыта 185 оҕо үөрэнэр эбит V-XI кылаастарга. Ону таһынан IV кылаас бэлэмнэнии группата арыллыбыт. Оскуолаҕа сылга 9-та туттарсан көрүөххэ сөп эбит. “Онон дьулуурдаах оҕо хайаатар да киирэр”, — диир Павел Анатольевич. Татаар тылын учуутала, филологическай наука кандидата Лилия Миннулловна кэлэн биһигини кытта кэпсэттэ, уоппутун атастаста. Тылбыт майгынныыр өрүттэрин ырыттыбыт, тирээн турар кыһалҕалар тула кэпсэттибит. Татаар тылыгар 1 ч., онно эбии оскуола компоненыттан куруһуок чааһа эрэ бэриллэр эбит. Күн аҥаара бу оскуолаҕа сылдьан, астынан, дуоһуйа кэпсэтэн, эһиил киириэхтээх саҥа таас оскуолаларыгар ыҥырыы тутан тарҕастыбыт. Онтон аатырбыт Казань университетыгар сырыттыбыт. Бары билэр Лениммит, Лев Толстойбут илиилэринэн суруйбут докумуоннарын көрдүбүт.
Йошкар Олаҕа
Салгыы гидтэрбит ыаллыы сытар Йошкар Ола диэн Марий Эл республика киин куоратыгар сырытыннардылар. Манна дьэрэкээн тутуулар, храмнар устуларынан күнү быһа күүлэйдээтибит, кыраайы үөрэтэр музейга сылдьан, марийдар биһиги үгэстэрбитигэр, култуурабытыгар майгынныыр өрүттэрин булан сөхтүбүт.
Сырыыбыт табылынна
Москваҕа “Российский фольклорный союз” профессордарын семинарыгар сырыттыбыт.
Бу сырыыбыт олус табыллыбытыгар, биһиэхэ чопчу анаан маннык быыһа-арда суох, олус туһалаах программа оҥоһуллубутугар “Северный Колорит” айар түмсүүгэ, салайааччы “Российский фольклорный союз” ООО чилиэнэ, “Музей музыки и фольклора народов Якутии” научнай сотруднига, М.Н. Жирков аатынан музыкальнай колледж преподавателэ, СР култууратын туйгуна Варвара Валерьевна Обоюковаҕа муҥура суох махтанабыт.
Надежда Тарагаева.
Үөһээ Бүлүү, Кэнтик.