Кулун тутар саҥатыгар Дьокуускай куоракка «Барҕарыы» научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ кытынным. Кэмпириэнсийэ төрөөбүт төрүт тылбытынан буолбута кэрэхсэбиллээх. 10 хайысханан 16 секция үлэлээтэ, барыта 380 оҕо кыттыыны ылла. Мин историческай секцияҕа кытынным. Тэрээһин өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэйгэ буолла. Үлэм «Д. Н. Гаврильев: «Олоҕум тухары кырдьык иһин охсуһуом!» диэн. Дмитрий Николаевич үлэтин үөрэтэн, чинчийэн баран, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыт буойуннар тустарынан картотека оҥордубут.
Саха сирин араас улууһуттан оҕолор кэлбиттэр. Амматтан 17 буолан сырыттыбыт. Биһиги оскуолаттан мин уонна Мирослав Романов кытынныбыт.
Иккис күҥҥэ П.А. Ойуунускай аатынан Саха театрыгар маастар-кылаастар, оонньуулар, наҕараадалааһын буоллулар. Мин 2 миэстэ буолан олус үөрдүм. Тэрээһиҥҥэ сылдьан элбэҕи биллим-көрдүм. Кыттыбыт дьон бары сахабыт тыла сайдарыгар олус туһалаах кэмпириэнсийэ диэн сыаналаата.
Наина Зыкова, VIII кылаас,
«Аартык» медиа киин, Амма Наахара