Билэрбит курдук, дириэктэр оскуолаҕа сүрүн киһи буолар. Бүгүн биһиги М.И. Готовцев аатынан Танда орто оскуолатын дириэктэрин кытта сэһэргэстибит. Константин Георгиевич Готовцев бэйэтин үлэтин туһунан кыратык кэпсээтэ, санаатын үллэһиннэ.
—Учуутал идэтин туох санаалаах баһылаабыккытый?
-Мин бэйэм физкультура учуутала буолабын, бу идэни кэлэр кэнчээри ыччакка билиибин үллэстээри, элбэххэ үөрэтээри баҕаран туран талбытым.
—Оскуоланы салайарга эн санааҕар саамай туох сүрүн ирдэбил баарый?
-Оскуоланы салайарга саамай сүрүнэ сүрдээх элбэх эппиэтинэс. Хас биирдии үлэһиккэ уонна оҕолорго.
—Үөрэх хаачыстыбатын хайдах сыаналыыгыт?
-Биһиги оскуолабыт малокомплектнай оскуола буолар, оскуолабытыгар барыта 85 оҕо үөрэнэр. Улууска орто таһымнаах хаачыстыбаны көрдөрөн олоробут уонна ону сайыннарарга күүскэ үлэлиибит.
—Оскуолабытын инникитин хайдах көрөҕүтүй?
-Инникитин оскуолабытыгар оҕо ахсаана элбиэн баҕарабыт уонна саҥа оскуола тутуллара буоллар.
—Оскуолабытыгар саамай сүрүн сыалгыт туох буоларый?
-Сүрүн үлэ оҕолор билиилэрин хаачыстыбатын үрдэтэргэ бара турар.
—Эн санааҕар эҥкилэ суох учуутал диэн хайдаҕый?
-Бэйэтин талбыт идэтигэр бэриниилээх, кыһамньылаах, бэйэтэ кыһаллан элбэҕи билэр-көрөр учуутал, ол таһаарылаах үлэһит буолар.
—Нэһилиэк сайдыытыгар оскуола оруолун туһунан санааҕын үллэстиэҥ дуо?
-Нэһилиэккэ оскуола оруола диэн кэлэр кэнэҕэски ыччаттары, кэскиллэри иитэн таһарыы. Кинилэр оскуолаларын бүтэрэн, талбыт идэлэрин сөпкө баһылаан, таба тайаналлара ситиһии дии саныыбын. Оччоҕо билиилээх, олоххо тардыһыылаах ыччат элбээтэҕинэ дойдуларын сайыннаралларыгар күүс буолуо этэ. Ол туһугар биһиги оскуола үлэһиттэрэ сөптөөх өйү-санааны тиэрдиэхтээхпит.
Валерия Готовцева, Катя Слепцова, 9 кылаас үөрэнээччилэрэ, Танда, Уус Алдан.