Кулун тутар 5 күнүгэр Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр Владимир Михайлович Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан модульнай библиотекаҕа Дьиэ кэргэн сылынан саха норуотун поэта Наталья Ивановна Харлампьева салайааччылаах суруйааччылар делегациялара ыалдьыттаата.
Делегация састаабыгар Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэннэрэ, поэтессалар Зинаида Архиповна, Елизавета Мигалкина бааллар. Суруйааччылар бэйэлэрин хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдилэр. Онтон Эмис нэһилиэгин ааҕыы умсулҕаннаах эйгэлээх ыччаттара, эр дьоно, учууталлар саха суруйааччыларын хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдилэр.
Наталья Ивановна Харлампьева 2022 сыллаахха үбүлүөйдээх сааһыгар “Тыаллыын кэпсэтии” диэн кинигэтин таһаарбыт. Онно биир дойдулаахтарбыт суруйааччыларбыт, ону тэҥэ ахтыылар, эсселэр, кэпсээннэр, ыстатыйалар киирбиттэр. Бу күн биһиги суруйааччылартан кинигэ бэлэх туттубут.
Эмис нэһилиэгин баһылыга Прокопий Петрович Бубякин туойтан оҥоһуллубут сахалыы харысхаллары бэлэхтээтэ. Төрүт култуура уонна технология учуутала Валентина Ивановна Иванова барыанньа наборун бэлэх уунна. Суруйааччы үлэтэ уустук үлэ. Биһиги дойдубут сирин уйгулаах аһа суруйааччыларга күүс-сэниэ биэрдин! Саҥа иэйиилэри бэлэхтээтин!
“Эрэкэ-дьэрэкэ” фольклор куруһуогун учуутала Мотрена Иннокеньтевна Владимирова кинигэттэн ааҕан, суруйааччыларга бэйэтин махталын тиэртэ. Мантан саас биир дойдулаахпыт Күннүк Уурастыырап балаҕаныгар скверигэр уонна Олоҥхо ыһыаҕар ыалдьыттыы кэлээрин диэн ыҥырда.
Бу күн күннээҕи олох кыһалҕаларыттан тэйэн, поэзия кэрэ эйгэтигэр ыалдьыттаатыбыт. Олох, таптал, киһи киһиэхэ сыһыанын туһунан толкуйдатар дириҥ ис хоһоонноох көрсүһүүттэн элбэҕи иҥэриннибит.
Эрчим НИКОЛАЕВ, VIII кылаас, Эмис, Амма