Кулун тутар 4 күнүгэр, Кэбээйи улууһуттан 12 оҕо буолан араас хайысханан кытынныбыт. Республикаттан 389 эдэр чинчийээччи оҕолор күн устата 16 хайысханан үлэлэрин кэпсээтилэр.
Тэрийээччилэр бэлиэтииллэринэн, сахалыы тылынан ыытыллар бу бастакы кэмпириэнсийэ буоларынан, киэҥ сэҥээриини ылла.
Манна кыраайы үөрэтии, история, математика, педагогика, тылы тэңнээн көрүү, литература, АйТи, технология, экэниэмикэ, о.д.а. хайысхаларга оҕолор уу сахалыы тылынан төһө сөпкө туттан саҥаралларын, кэпсииллэрин билэллэрин көрдөрдүлэр.
Мин «Педагика» салаатыгар «Сахалыы интерактивнай оонньуулар» диэн үлэнэн кытынным.
Бу маннык курдук кэмпириэнсийэлэр ыытыллаллара олус наадалаах. Оҕолор сахалыы сайаҕас тылларын куруук умнубакка, таптыы, харыстыы сылдьалларыга үөрэтэр, иитэр. Мин санаабар, «Барҕарыы» кэмпириэнсийэ билиҥҥи бириэмэҕэ саамай наадалаах уонна учууталларга, төрөппүттэргэ да оҕолорун иитэллэригэр көмөлөөх тэрээһин дии санаатым.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй үөрэнээччилэрэ, учууталлара олус истиңник көрүстүлэр, барытын үрдүк таһымнаахтык ыыттылар. «Күн» түмсүү оҕолоругар туспа махталбытын тиэрдэбит. Бу түмсүү оҕолоро уонна салайааччылара барыбытыгар күүс-көмө буоллулар, сүүрдүлэр-көттүлэр, сэргэхситтилэр.
Инникитин даҕаны маннык кэмпириэнсийэлэргэ салҕыы кыттан иһиэм диэн эрэнэбин.
Сайаана ТЕРЕХОВА, IX кылаас,
«Дьоҕур» медиакиин, Кэбээйи орто оскуолата