Олунньу ый бүтэһик күнүгэр биһиги кулууппутугар Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, Сунтаар улууһугар Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сылларыгар анаан, Б.Н. Егоров аатынан Кундэйэ орто оскуолатын иһинэн үлэлиир «Төрүт толкуй – удьуор утума» тэрээһин буолан ааста.
Оҕолор эһээлэрин кытта билиилэрин-көрүүлэрин, сатабылларын 5 түһүмэххэ тургуттулар. Ол курдук “Удьуор утума салҕанар” диэн түһүмэххэ бэйэлэрин билиhиннэрдилэр. “Төрөөбүт төрүт тылгынан сөпкө саҥар” диэн дьиэҕэ сорудахтарынан, эргэрбит тыллары быһааран, күн аайы туттар сыыс тылларын оннуларыгар сөптөөхтүк саҥарарга үөрэтэр рилс форматынан кылгас видеону уһулан көрдөрдүлэр. “Ийэ дойдуну көмүскүүр – ытык иэспит» түһүмэххэ уолаттар эһээлэрэ, аҕалара, убайдара армияҕа сылдьыбыттарын, хорсун быһыыларын туһунан кылгастык кэпсээтилэр. Хас сыллаахха, ханнык куоракка, ханнык байыаннай чааска сулууспалаабыттарын, туох званиялаах кэлбиттэрин, хорсун быһыыларын, туох наҕараадалаахтарын туһунан кэпсээбиттэрин интэриэһиргээн иһиттибит. “Саха сатаабата суох” түһүмэххэ уолаттар эһээлэрин кытта тутатына бэриллибит сорудаҕы толордулар. Ох саанан ытыыга маастар-кылаас буолла.
Мин санабар, сүрдээх үчүгэй тэрээһин буолла. Кыттааччылар бары бириис, номинация ылан үөрэн-көтөн тарҕастылар. Тулаҕар дьон үөрэрин көрөр олус үчүгэй. Кинилэр үөрүүлэригэр кыттыһан, кыттааччылары өйөөн үҥкүүлээтибит.
Юрий МОХНАЧЕВСКАЙ, Х кылаас, Күндэйэ, Сунтаар