«Тыыннаах тыл — 2024» күрэс түһүлгэтэ олунньу 26 күнүгэр Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгэр М.Н.Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолатын уонна Л.Н.Турнин аатынан “Алгыс” норуот айымньытын дьиэтин тэрээһиннэринэн VI- c төгүлүн “Тыыннаах тыл” кэпсээн ааҕыытын күрэһэ ыытылынна. Галина Полускина ааптарыскай бырайыагар уопсайа 56 сайаапка киирбититтэн, түмүктүүр түһүмэххэ 39 оҕо ааһан, бу күн Тыараһа орто оскуолатыгар “тыыннаах тыл” дорҕооно дуорайда, тыла-өһө иһилиннэ. Таатта, Чурапчы, Мэҥэ-Хаҥалас, Дьокуускай куораттан кыттааччылар үс бөлөҕүнэн арахсан, саха суруйааччыларын кэпсээнин дьүүллүүр сүбэ иннигэр өйтөн аахтылар. Муома, Кэбээйи оҕолорун ааҕыытын видеонан көрдүлэр.
Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ, Илья Юрьевич Стручков, П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын артыыһа Матрена Петровна Яковлева, П.В.Толстяков аатынан Чөркөөхтөөҕү народнай театр режиссера, СР үөрэҕириитин уонна культуратын туйгуна Марфа Даниловна, «Саха» НКИХ сериал сулууспатын салайаачыта, Россия Суруналыыстарын союһун чилиэнэ, СР Культуратын туйгуна
Жанна Федоровна Барашкова, СӨ “Сайдыы” саха тылын, литэрэтиирэтин, төрүт култуура учууталларын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ, СР Үөрэҕириитин туйгуна, РФ Уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ
Оксана Прокопьевна Андросова, А.Е.Мординов аатынан Тааттатааҕы лицей саха тылыгар уонна литературатыгар учуутала, Россия Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, РФ Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ Үөрэҕириитин туйгуна, “Умсулҕан” литературнай лааҕыр салайааччыта, “Уран тыл” литературнай түмсүү бэрэссэдээтэлэ.
Күрэс аһыллыытыгар Тыараһа орто оскуолатын 7-с кылааһын үөрэнээччилэрэ “Дьиэрэҥкэй” үҥкүүлэринэн (сал. Попова Ф.А.) уонна 2-с кылаас үөрэнээччилэрин “Чобугурас чооруостар” бөлөхтөрө (сал. Полускина Г.И.) чабырҕахтарынан эҕэрдэлээтилэр.
Бу күннэргэ Таатта улууһугар гастролга сылдьар П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай театра Кыйы сэлиэнньэтигэр кэлэн, кыттааччылар үөрүүлэрин өссө үксэттэ, күрэс таһымын үрдэттэ. Театральнай труппа салайааччыта, театр артыыһа Илья Стручков “Тыыннаах тыл” кыттааччыларыгар ситиһиини баҕаран туран, сахалыы музыкальнай инструмеҥҥа оонньоон иһитиннэрдэ. Театр эйгэтин сэгэтэн, артыыска Матрена Христофорова иэйиилээхтик хоһоон ааҕан, эдэр артыыска Нарыйа Колесова Алампа “Таптал” драматыттан Кэтириис ырыатын гитаранан доҕуһуоллатан ыллаан оҕо да, улахан да дьон дууһатын кылын таарыйдылар.
Күрэс уһуйаан саастаах быычыкайкаан оҕолору истииттэн саҕаланна. Оторой-моторой уолаттар, эмдэй-сэмдэй кыргыттар биир-биир сыанаҕа тахсан дьоһуннук туттан кэпсээннэрин аахтылар. Сыанаҕа харах уулаах долгуйуу тыынын долгураҥар килбигийии, кэмчиэрийии буолбакка, күөн туттан ааҕыы баһыйда.
Уһуйааннар, алын кылаастар аахтылар. Кинилэр кэннэ уталыппакка улахан оҕолору иһиттилэр. Дьүүллүүр сүбэ эбиэккэ диэри барыларын истэн, эбиэт кэннэ ыраах улуустан кыттар оҕолор видеоларын көрөн, сыаналарын түмэн, бастыҥнары быһааран, ырытыы, дьүүллэһии кэннэ түмүгү биир санааҕа кэлэн, кыайыылаахтары таһаарда.
Кылаан чыпчаалы Егоров Эрчим, А.И.Софронов – Алампа аатынан Ытык-Күөл 1№-дээх орто оскуолатын 7 “б” кылааһын үөрэнээччитэ ылары ситистэ. Аахпыт айымньыта – Николай Габышев “Наара суох”. Салайааччыта Влада Семеновна Потапова. Түмүктээн ситэрдэххэ, норуот айымньытын дьиэтэ оскуоланы кытта биир ситимнээх үлэлиирэ көһүннэ. Тыараһа орто оскуолатын үлэһиттэрэ ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ биир дьиэ кэргэн кэриэтэ сомоҕо буолан үлэлииллэр. Учууталга нэһилиэк дьоно убаастабыллаахтык сыһыаннаһаллара харахха быраҕылынна. Тыыннаах тыл тула үлэ-хамнас күөстүү оргуйда. Тыл тыыллан-хабыллан ыччат дьону сахалыы тыыннаата.
Сандаара Андросова