Олунньу 9-21 күннэригэр “Сосновый бор” лааҕырга медиа өттүнэн элбэххэ үөрэнним. Икки нэдиэлэ наһаа түргэнник ааста. Биир мүнүүтэлээх видеону биэс күн устата оҥорбуппут. Күүскэ үлэлээбиппит. 8 хамаандаттан биһиги үлэбитин бастыҥ диэн талан, “Кэскил” медиа оскуола “ДНС” маҕаһыынтан атыылаһарбытыгар 3 тыһыынчалаах, “Сахапечать” тэрилтэ 5 тыһыынчалаах сертификаттары туттарбыттара.
Сменаны тэрийээччилэр кэһиилэрэ итинэн бүппэтэҕэ. «Азия оҕолоро» ооньуулары тэрийэр дирекция наклейка, браслет бэлэхтээбиттэрэ. “Муус устар” фестивальга илдьэ сылдьыбыттара. Онно шоппер суумка, картхолдер уонна алмаас формалаах хампыат бэлэх туппуппут. Биһигини кытта бииргэ сменалаабыт доҕотторбут “Бастакылар хамсааһыннара” медиа оҕолоругар наһаа үчүгэй панама уонна шоппер бэлэхтээбиттэрэ!
Ити курдук “Сосновый бор” лааҕыртан үөрэхтэн ураты элбэх кэһиини ылан бардым. Наһаа үөрэбин уонна махтанабын!
Карнелия ИСАГАЛИЕВА, IX кылаас, Күндэйэ, Сунтаар