Олунньу 17 күнүгэр “Сосновый бор” лааҕыртан этэрээтинэн опутуобуһунан айаннаан, “Триумф” спорт комплексыгар “Муус устар” фестивальга барбыппыт.
Тиийбиппит киһи бөҕөтө. Иккис этээскэ тахсыбыппыт араас араас хайысханан быыстапка бөҕөтө буола турар эбит. Уһун көрүдүөр устун хааман иһэн “Бизнес и ничего лишнего, возможно” диэн слогаҥҥа хараҕым хатанна. Уонна ол сурук анныгар сахалыы оонньуулар бааллар. Сахалыы оонньууну манна тоҕо уурбуттара буолуой диэн интэриэһиргээн кэпсэттим.
– Дорооболорун, бэйэҕитин уонна үлэҕитин билиһиннэриэххит дуо, баһаалыста?
– Дорооболорун! Мин аатым Анна Филиппова диэн. “Мой бизнес” (сахалыы “Мин бизнеһим”) киин үөрэҕин салаатын начальнига буолабын. Бу киин урбаанньыттары өйүүр сыаллаах Саха сиригэр арыллыбыта. “Мой бизнес” киин подразделениелара өрөспүүбүлүкэ улуустарын аайы уонна саамай сүрүн офиһа манна куоракка баар. Сүрүн сыалбыт – урбаанньыт буолуон баҕарар дьоҥҥо наадалаах информацияны тиэрдэбит, үөрэтэбит уонна резиденнэри кытта үлэлиибит.
– Ээ, наһаа үчүгэй, туһалаах эбит дии. Оттон бу сахалыы оонньуулар манна тоҕо туралларый диэн интэриэһиргээтим.
– Биһиги “Муус устар” фестивальга кытта сылдьабыт. Манна “тыксаан”, “эргиир” сахалыы оонньуулар бааллар. Бу эдэр урбаанньык оҥорон таһаарбыт оонньуулара буолар. Кини үлэтин киэҥ араҥаҕа көрдөрө, билиһиннэрэ турабыт. Өссө викториналаахпыт. Онно ким баҕарар кыттыан сөп. 12 боппуруоска эппиэттииллэр, урбаанньыт буоларга төһө бырыһыан бэлэмнэрин, барсалларын бэрэбиэркэлииллэр.
– Кэпсээҥҥит иһин улахан махтал!
***
Салгыы баран истим. Ол баран иһэн наушниктары көрдүм. «Хайдах хайдаҕый» дии санаатым. Наушниктары прокакка биэрэллэр дуу, эбэтэр, баҕар, сыыһа өйдөөбүтүм буолуо диэн чуолкайдыырга сананным.
– Дорооболорун, ааккыт-суолгут ким диэний? “Муус устарга” наушник бөҕөтүн аҕалбыккыт эбит.
– Мин Наталья диэммин. “Муус устарга” ”Голос внутри” диэн иммерсивнай бырайыагы билиһиннэрэбит. Бу Дьокуускай куоракка саҥа туристическай хайысха буолар. Премьерабыт ыам ыйыгар ыытыллыаҕа. “Голос внутри” диэн иммерсивнай прогулка. Ол аата провода суох наушнигы кэтэн баран, куорат устун күүлэйдии бараҕыт. Уонна онно бэйэҕит герой курдук сылдьаҕыт. Тыыннаах кэнсиэри, спекталы барытын истиэххин сөп. Бу бырайыак Саха сиригэр туристар болҕомтолорун тардар, интэриэстэрин үрдэтэр, Саха сирин историятын билиһиннэрэр. Куорат устун күүлэйдии сылдьан, Саха сирин историятын билэҕин.
– Вау, наһаа үчүгэй дии! Маны ким толкуйдаабытай уонна маннык бырайыак өссө ханнык куораттарга баарый?
– Биһиэхэ франшиза курдук кэллэ. Атын куораттарга баар. Бу бырайыак Владивостоктан саҕаламмыта.
– Кэпсээниҥ иһин улахан махтал!
***
Ити курдук “Муус устарга” сылдьан, элбэх саҥаны биллим. Ол туһунан эһигини кытта үллэһинним. Аахпыккытыгар махтал!
Юрий МОХНАЧЕВСКАЙ, Х кылаас, Күндэйэ, Сунтаар