Саха сиригэр төрөөбүт тыллары үйэтититии уонна сайыннарыы хайысхатыгар кыайбыт «Өбүгэ үгэһинэн» («По тропам предков») бырайыак чэрчитинэн, Ил Дархан Гранын өйөбүлүнэн И.Г. Тимофеев аатынан Майатааҕы лиссиэйгэ өрөспүүбүлэкэтээҕи «Киэҥ эйгэҕэ сахалыы саҥарыы сатабыла» дебат-чөмпүйэнээт буолла. Бу тэрээһини СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин ааҕыыны чинчийэр научнай института, «Саха өйүн-санаатын, баайын уонна култууратын сырдатар-чинчийэр киин» кэмиэрчэскэйэ суох автономнай тэрилтэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэҕин управлениета, И.Г. Тимофеев аатынан Майа лиссиэйэ ыыттылар.
Дебат турукка киирэр алгыстаах тыллартан саҕаланна. Лиссиэй үөрэнээччилэрэ сахалыы таҥнан көрсөн, волонтер оҕолор барытыгар көмөлөһөн, кэлэктиип олус тэрээһиннээхтик ымпыгар-чымпыгар тиийэ кыһанан-мүһэнэн тэрийиигэ күүскэ үлэлээтилэр. Сахалыы тыыны сайыннарыыга биир үтүө хамсааһыны оҥордулар. Дебат наһаа сэргэхтик уонна үрдүк таһымнаахтык ааста. Ийэ тылы үйэтитиигэ сыралаах үлэҕэ бырайыак хамаандатын салайааччыта тыл билимин хандьыдаата, СӨ суруйааччыларын уонна Арассыыйа суруналыыстарын Сойуустарын чилиэнэ Ангелина Афанасьевна Кузьмина, саха тылын уонна литературатын үрлүкү категориялаах учуутала, учууталлар Учууталлара Тамара Егоровна Слободчикова, “Сыл бастыҥ учуутала” күрэс кыайыылааҕа, үрдүкү категориялаах история учуутала Андрей Владимирович иилээн-саҕалаан ыыттылар.
Дьүүллүүр сүбэҕэ Улуустааҕы үөрэх салалтатын дьоҕурдаах оҕону кытта үлэлиир испэсэлииһэ Алексей Николаевич Бакычаров, улуус кыраайы үөрэтэр түмэлин дириэктэрэ Михаил Иванович Масаха, ХИФУ историческай факультетын 1 кууруһун устудьуона, 2023 с. I-кы төгүлүн ыыппыт сахалыы дебаппытыгар кыайбыт хамаанда хапытаана, ХИФУ историческай факультетын 4 кууруһун устудьуона, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Будущий дипломат-2019” күрэс кыайыылааҕа Уваровскай Максим үлэлээтилэр. Сахалыы дебакка Дьокуускай куораттан «Айыы Кыһата» национальнай гимназия икки хамаандата (салайааччылар А.В. Седалищева, А.Л. Матвеева), В.Н. Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолата (салайааччы С.Д. Пудова) уонна И.Г. Тимофеев аатынан Майатааҕы лиссиэй хамаандаларын 7-9 кылааһын үөрэнээччилэрэ кытыннылар.
Сыала-соруга: сахалыы тыл-өс култууратын, сахалыы саҥарыы сатабылын иҥэрии, сиэр-майгы, өй-санаа өттүнэн сайыннарыы; оҕо түмэр-салайар дьоҕурун сайыннарыы; төрөөбүт дойдуга бэрэниилээх буолуу, үтүө сыһыан, таптал холобурдары биллэрии. Түһүмэхтэринэн арааран «Үрдүк үөрэхтээх эрэ киһи дойдутугар туһаны аҕалар…», «Тыаҕа олорор куоракка олорордооҕор ордук» уонна «Кылаас иһигэр үөрэнэр тэйиччиттэн (дистанционнай) үөрэрдээҕэр ордук туһалаах» диэн тиэмэлэргэ буолла. Тыҥааһыннаах киирсии кэнниттэн маннык түмүк таҕыста: “Кылаан чыпчаал” ааты И.Г. Тимофеев аатынан Майатааҕы лиссиэй хамаандата ылары ситистилэр – Попова Мусьяна 7 кл., Ксенофонтов Максим 8 кл., Саввина Эдира 9 кл., I үрдэл В.Н. Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын хамаандата – Новгородов Володя, Петров Кирилл 8 “а” кылаас, Егоров Толя 8 “б” кылаас, II үрдэл «Айыы Кыһата» национальнай гимназия 7 “г” кылаас үөрэнээччилэрэ – Филиппов Саша, Константинов Айтал, Каменев Саян, III үрдэл «Айыы Кыһата» национальнай гимназия 7 “г” кылаас үөрэнээччилэрэ – Гуляева Сайаана, Андылырова Мичийээнэ, Большакова Анжела. Бастыҥ испиикэр В.Н. Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын 8 “б” кылааһын үөрэнээччитэ Егоров Толя.
Санатар эбит буоллахха, бу маннык сахалыы дебат былырыын А.А. Кузьмина салайыытынан Дьокуускай куоракка ыытыллыбыта, онно Томпо, Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Дьокуускай хамаандалара күөн көрсүбүттэрэ. Онуоха Мэҥэ Хаҥалас Майатааҕы лиссиэйин хамаандата кыайбыта. Онон быйыл Майаҕа ыытылынна. Эһиил бастакы үрдэли ылбыт Павловскай оскуолата ыытарга баҕа санаатын эттэ. Маны тэҥэ, бырайыак чэрчитинэн сахалыы дебат В.П. Ларионов аатынан Дьокуускайдааҕы физика-техническэй лиссиэйигэр эмиэ ыытылынна. Онон бу тэрээһин хас биирдии оскуолаҕа ийэ тылынан саҥарар дьоҕуру сайыннарыыга тарҕанан, кэҥээн иһэриттэн үөрэбит. Оҕолор уонна учууталлар санааларын маннык үллэһиннилэр:
Мусьяна Попова, Майа лиссиэйэ:
— Олус да үчүгэй, интэриэһинэй оонньуу ааста. Мин хамаандам бэйэтин туох баар кыахпытынан кыһанан көрдөрдө дии саныыбын. Бу тэрээһиҥҥэ биһиги бэйэбитин араатар өттүттэн көрдөрдүбүт. Хас биирдиибит кыһанан бэлэмнэммиппит. Бу оонньууну тэрийээччилэргэ махтал. Оҕолор, ийэ тылбытын үөрэтиэҕиҥ, диэн ыҥырыам этэ.
В.Н. Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын математика учуутала Светлана Дмитриевна Пудова:
— Тэрээһини сөбүлээтим. Түһүмэхтэрэ олус үчүгэйдэр. Тиэмэтэ мөккүһэргэ, санааны сааһылаан этэргэ бэркэ талыллыбыт. Бэлэмнээбит хамаандабыт ситиһиилээхтик кытыннылар. Бэлэмнэспит үөлээннэхтэрим история учуутала Васильев С.М., аангылыйа тылын учуутала О.Ф. Федорова. Оҕо санаатын сатаан этэ үөрэнэригэр маннык өй-санаа күрэһэ ыытыллара олус туһалаах уонна наадалаах. Арассыыйа үрдүнэн ыытыллар “Будущий дипломат” курдук Саха сирин үрдүнэн барытыгар булгуччулаахтык ыытыллар тэрээһин быһыытынан киириэн сөп эбит диэн көрдүм.
Володя Новгородов:
— Мин бу тэрээһиҥҥэ бастакыбын кыттамын долгуйбутум. Саамай сөбүлээбитим бары хамаандалар күлэ-үөрэ оонньообуттара олус үчүгэй этэ. Онтон атын түһүмэхтэрэ уустуктара. Сахалыы сатаан этэргэ өссө да элбэххэ үөрэниэхпитин наада эбит диэн санааҕа кэллим. Аныгыскы күрэскэ кыттыам дии санаатым.
Кирилл Петров:
— Мин санаабар, хамаандалар бары бэлэмнэммиттэр. Ол эрэн дебат быраабылатын өссө үчүгэйдик иҥэн-тоҥон үөрэтиэхпитин уонна сахалыы, атын тылы буккуйбакка, ыраастык саҥарарга үөрэниэхпитин наада.
Толя Егоров:
— Тэрээһин бэркэ ааста. Уустук баҕайы эбит. Утарсар хамаандаҥ этэр чахчыларыгар тута толкуйдуу охсон, бэйэҥ санааҕын көмүскүүргэр ханнык чахчылары туһанан хамаанда этэр санаатын көмүскүү охсуохтааххын. Эрдэттэн туох тиэмэ кэлэрин билбэт буолан, дьэ элбэхтик аахпытыҥ, билииҥ уонна сахалыы сатаан этэ үөрэнэриҥ элбэҕи быһаарар. Кумааҕыта уонна учууталтан туох да көмөтө суох хмамаандаҕын кытта сүбэлэһэ охсон биир киһи курдук тэҥҥэ кыттыахтааххын.
Эдира Саввина:
— Дебат сүрдээх интэриэһинэй, үчүгэй эбит. Бу сахалыы дебакка, төрөөбүт сахабыт тылынан санаабытын сатаан сааһылаан этэрбитин көрдөрдүбүт. Бу маннык курдук күрэхтэр элбээтэхтэринэ, саҥа көлүөнэлэр төрөөбүт тылларын умнубакка, харыстаан,сайыннаран култуурабытын үөрэтэн кэлэр көлүөнэҕэ тириэрдиэхтэрэ этэ.
Максим Ксенофонтов:
— Өрөспүүбүлүкэтээҕи дебат-чөмпүйэнээтигэр кыттыбыппыттан астынным, бу дебат миэхэ бастакы уопутум буолар, саҥаны биллим, элбэххэ үөрэнним.
Бырайыак чэрчитинэн, сахалыы ойуулугу, оонньуулары оҥорууга күрэс, Саха сирин олохтоох омуктарын оонньуурдарын, оонньууларын оҥорууга маастар-кылаас ыытылыннылар, өбүгэ үгэһин, култууратын, энографиятын, тылын уонна литературатын туһунан “Саха этигэн тыла” саайтка үөрэтэр биэриилэр, ыстатыйалар бэлэмнэнэн тахсаллар. Ону тэҥэ муус устар ыйга Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылларынан Уһук Илин уонна Камчатка эрэгийиэннэрин кытта ийэ тылы уонна култуураны үөрэтэр оҕолорго аналлаах научнай кэмпириэнсийэ ыытыллыаҕа. Ыам ыйыгар үөрэнээччи оскуола бырагырааматынан ааҕар айымньыларыгар ыарырҕатар тылларын уонна мифология өйдөбүллэрин суолтатын быһаарар ойуулаах тылдьыт тахсыаҕа. Сахабыт тылын кэскилин туһугар бу курдук өрүү түмсүүлээх, тэрээһиннээх, кыһамньылаах буола туруоҕуҥ! Саха буолан сандаарыҥ, киһи буолан килбэйиҥ! Сахалыы саҥа сайыннын, кэскилэ кэҥээтин, чөҥөрө чүөмпэ кэриэтэ дириҥээтин!
Мария Татаринова, https://sakhaetigentyla.ru/ саайт уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ.