Амма улууһун Эмис нэһилиэгин ытык кырдаҕаһа, тыыл, үлэ ветерана Евдокия Егоровна Пестерева эһиил Кыайыы 80 сылыгар 90 сааһын туолар.
Ытык киһи ытык сааһын көрсө оҕолоро, сиэннэрэ эбээлэрин дьиэтигэр благоустройство киллэрэн биэрдилэр. Онон Евдокия Егоровна 90 сааһыгар толору хааччыллыылаах дьиэҕэ олорор үөрүүтүн билэн, сүргэтэ олус көтөҕүллэн сылдьар.
Мин бу күннэргэ нэһилиэкпит ытык кырдьаҕаһыгар ыалдьыттааттым.
– Евдокия Егоровна, бэйэҥ тускунан кылгастык кэпсиэҥ дуо?
– Мин 1935 сыллаахха Эмис нэһилиэгэр «2-с Пятилетка» колхуос киинигэр Ураһалаах алааһыгар төрөөбүтүм. Онтон кэлин Күөрэлэҕэ оскуолаҕа үөрэнэ киирбитим. Бу сааспар диэри төрөөбүт нэһилиэкпиттэн, харыс сири халбарыйбакка олохсуйан олоробун. Оҕо саадыгар үлэлээн, пенсияҕа тахсыбытм. Кэргэним Николай Егорович Захаров нэһилиэк кадровай булчута этэ. Ыал сиэринэн дьиэ-уот тэринэн, сүөһү-ас тутан, оҕо-уруу тэнитэн бачча сааспар диэри дьоллоохтук олорон кэллим.
– Аҕа дойду Улуу сэриитин саҕана хас саастаах этигиний? Дьон-сэргэ сэрии алдьархайын, Улуу Кыайыы үөрүүтүн хайдах ылыммытай?
– Мин оччолорго 7 саастаах оҕо этим. Бастакы хомуурга убайым Өлөксөй ыҥырыллыбыта. Саллааттар бары грузовой массыынанан тиэллэн барбыттара. Убайбын ийэбинээн атаарбыппын өйдүүбүн.
1945 сыллаахха дьон-сэргэ Кыайыы үөрүүтүттэн буолуо, ыһыах ыспыттара. Оччолорго оскуолаҕа үөрэнэрим. «2-с Пятилетка» колхуос бэрэссэдээтэлэ Бүөтүр Өндөрөйөбүс Сахаарап этэ. Сүөһү өлөрөн, эт буһаран эт сиэбиппит. Оҕолорго иккилии устуука ньолбоҕор бирээнньик, түөрт муннуктаах кэмпиэт нуормалаан үллэрэн биэрбиттэрэ.
– Евдокия Егоровна, Улуу Кыайыы 80 сылыгар 90 сааскын туолаҕын. Уһун үйэлэнии кистэлэҥэ, Эн санааҕар, тугуй?
– Ээ, миэхэ туох кистэлэҥэ кэлиэй. Дьиэҥ иһигэр үчүгэй олох, оҕолорун куруук дьоллоохтук олордохторуна уонна доруобуйа кэминэн буоллаҕына киһи үчүгэйдик сылдьар. Мин куруук ырыаны таптаан ыллыыбын, истэбин. Сөбүлүүр ырыаһыттарым Марыына Попова-Эдьиий Марыына, Ольга Иванова-Сидоркевич, Клавдия Онуфриева.
Ураһалаахха арыллар түннүктээх дьиэ баара. Ол аттыгар үлэлии сылдьан, эдьиийим патефонугар Лидия Русланова ырыаларын холбоон, сайын айылҕаҕа кыргыттар бары сөбүлээн истэр этибит.
Онтон ыла ырыаны сөбүлүүр, ырыаны ыллыыр буолбутум. Билигин Ольга Саввична Михайлова салайааччылаах «Көлүкэчээн» ырыа ансаамбылыгар ыллыыбын. Ансаамбылга киирбитим 20 сыл буолла. Ситиһиим да элбээтэ. Эһиил 90 сааспар «Көлүкэчээннэрим» үбүлүөйбүн хайаан да оҥоруохпут дииллэр. Онон үбүлүөйбүн ылан баран, сынньалаҥҥа барарым буолуо. Саас да ыраатта, кэлиим-барыым кыайтарбат буолуох курдук.
– Евдокия Егоровна, бу күннэргэ «2-с Пятилетка» колхуос ыччаттара Ураһалаахха мэҥэ өйдөбүнньүк бэлиэтин туруордулар. Ол туһунан туох санаалааххыный?
– Мэҥэ өйдөбүнньук турбута наһаа үчүгэй. Элбэх сыллар ааспыттарын кэннэ «Пятилеткалар» ыччаттара махталларын биллэрбиттэриттэн улаханнык үөрдүм, долгуйдум. Төрөөбүт Ураһалаахпын көрөн, бэйэм саастыы дьүөгэлэрим, билэр дьонум оҕолорун, сиэннэрин, ыччаттарын кытта уруккуну ахтан-санаан аастыбыт. Маны барытын сүүрэн-көтөн тэрийбит «Пятилеткам» ыччаттарыгар дириҥ махталбын тиэрдэбин.
– Евдокия Егоровна, киһи 90 сааһыгар тиийэн эрэ баран, толору хааччыллыылаах дьиэҕэ олороро хайдах эбитий дии санаатыҥ?
– 90 сааспын туолаары сылдьан саҥа дьиэ туттарар былааннаах этим. «Чэ, кэбис кыаллыа суох», – диэн оҕолорбор эппиппэр, бары түмсэ түһэн благоустройство киллэрдилэр. Бэлэм уу-хаар аттыгар баара үчүгэй бөҕөтө. Эргиллэ түстүм да бэлэм кырааҥҥа, бэлэм ууга иһиппин сууйбутунан барабын. Суунар-тараанар сирим барыта дьиэ иһигэр баара кырдьаҕас киһиэхэ олус табыгастаах эбит. Мантан кыһын абыраныыһыкпын.
– Евдокия Егоровна, дьиэҕэр благоустройство киллэрэргэр тыыл ветераннарыгар анаммыт программалары туһанныҥ дуу?
– Улуус быйылгы былааныгар киирбэтэх буоламмын, аккаастаабыттара. «Быйылгы сылга үп-харчы барыта тыырыллан бүттэ», – диэбиттэрэ. Эһиилги сылга хайыыллар, баҕар, көрүөхтэрэ.
Оҕолорум, сиэттэрим барытын бэйэлэрэ саба түһэн оҥордулар. Үрдүн-аннын уларытан, септик туруоран, утуйар хос оҥорон, кырааскалаан, суунар тэриллэри, краны – барытын бэйэлэрэ булан-талан оҥордулар. Хата, орун-оннугар табылынна диэн үөрэн олоробун. Аны сотору сиэттэрим бэлэхтэрэ – таҥас сууйар «өйдөөх» массыына кэлиэхтээх. Ону күүтэбин.
Оҕолорбор, сиэттэрбэр улахан махталбын тиэрдэбин. Кинилэр сүүрэн-көтөн, 90 сааспар благоустройство дьолун биллим.
– Евдокия Егоровна, эн үөрүүгүн тэҥҥэ үллэстэбин. Толору хааччыллыылаах дьиэҕэр үөрэ-көтө олороргор баҕарабын.
Эрчим НИКОЛАЕВ, IX кылаас,
В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата, Амма