Үлэ, үлэ, үлэ!
Аан дойду араас эйгэтин салалтатыгар билигин көлүөнэ уларыйыыта бара турар. 50- 60 саастаахтар оннуларыгар 20-30 саастаахтар кэлэллэр. Бизнескэ эмиэ оннук. Статистика этэринэн, билигин бастакы бизнестэрин ортотунан 25-35 саастарыгар тэринэллэр. Ол эрээри балартан аҥардарын кэриэтэ урбааннарын кыайан сайыннарбаттар, сабыллаллар. Дьиктитэ баар, саамай сатабыллаах аныгы урбаанньыттарынан …кыргыттар буолаллар эбит. Оннук биир холобурунан “Mister Bin” маҕаһыыннар ситимнэрин дириэктэрэ Наталья Семеновна Куприянова буолар. Кини “Кэскил” хаһыат эдэр ааҕааччыларыгар анаан бэйэтин дьыалатын хайдах саҕалаабытын кэпсиэ, сүбэ-ама биэриэ.
Үс үлэлээх устудьуоҥка
— Мин 39 саастаахпыт. Республикатааҕы лиссиэй-интэринээти (урут “физмат-оскуола” дэнэрэ) бүтэрбитим. Бу оскуолаҕа наһаа баҕаран туран буолбатах, көннөрү, оччолорго Покровскайдааҕы оскуолаттан кэлэн талан ылбыттарыгар, киирбитим.
Оҕо сылдьан, “ханнык идэ саамай элбэх хамнастааҕый” диэн тиэмэҕэ кэпсэтиини истибитим уонна “экономист” диэни өйдөөн хаалбытым. Онон салгыы СГУ үп-экономика институтун бүтэрбитим.
Бу үөрэнэрим тухары бастакы куурустан …наар үлэлээн тахсыбытым. Баҕар сөҕүөххүт—үс үлэҕэ тэҥинэн үлэлиирим. Хайдах? Институтум кэнниттэн “Сахакредит” (билигин суох) бааҥҥа оператордыырым. Үлэ чааһа бүттэҕинэ, баран спортсааланы сууйарым. Онтон түүнүн… дьон сакааһынан тиэкис бэчээттиирим. Онон оннук! Аны 5 кууруска диплом суруйар кэмҥэ арыый да иллэҥсийэҕин дии. Онно парикмахер-визажист куурсугар үөрэммитим уонна СГУ кэнниттэн бастаан үлэ булбакка, ол идэнэн үлэлээбитинэн барбытым. Бастайааннай килийиэннэммитим эҥин. Онтон, дьэ, кылаабынай бухгалтер дуоһунаһыгар үлэҕэ киирбитим да, ол килийиэннэрим миэхэ кэлэ тураллара (күлэр).
Эһэм олоххо тапталынан, холобурунан ииппитэ
— Үлэҕэ дьонуҥ ииппиттэрэ дуо диигин? Ийэм, Вера Кузьминична, учуутал буолан, өйдүүрүм тухары, өрүү кинигэ, тэтэрээт кыбыныылаах буолара. Хас киэһэ барыта …тэтэрээттэргэ ананара. Уларыта тутуу уустук кэмигэр бэргэһэ тигэн, оҕурсуу үүннэрэн атыылаабыта. Соҕотох оҕо буолан, кыра эрдэхпиттэн дьиэни-уоту мин көрөрүм, аһы астыырым. Ол эрээри мин саамай үчүгэй эһэлээх этим. Төһө да хараҕынан көрбөт, полиартриттаах буолан, хаампат да буоллар, саамай көрдөөх, үтүө санаалаах киһинэн эһэм Кузьма Алексеевич буолара. Киниэхэ олох диэн кэрэ этэ. Барытыттан үөрэрэ-көтөрө. Мин киниэхэ бүгүн хайдах күн-дьыл турарын, араас сонуну кэпсиирим, хаһыаты ааҕан иһитиннэрэрим. Кини “ону гын”, “маннык гын” диэн үөрэтэрин өйдөөбөппүн. Ол эрээри олоххо тапталынан, оптимист санаатынан, бэйэтин холобурунан кини миигин элбэххэ үөрэппитэ. Аҕам, Семен Иванович, сабыдыала эмиэ улахан. Кини күүстээх санаалаах, тылыгар турар киһи этэ.
Оҕо мэһэй буолбатах
— Кыргыттарбын Юляны, Машаны оҕолонон баран да, сүгүн олорботоҕум. Судаарыстыбаннай сулууспа академиятын “гос.управление” специальноһыгар үөрэммитим. Миигин кытта үгүстэрэ нэһилиэк баһылыктара, тэрилтэ салайааччылара саастаах дьон үөрэммиттэрэ. Оччолорго төрөөбүт Покровскайбар олорорум. Аны олохтоох радиостанция ыытааччыгар кастинг биллэрбиттэригэр кытынным уонна …киирэн хааллым. Мин бу идэбин олус сөбүлээбитим, түүннэри да үлэлиирим. Тэрээһиннэри ыытарым. Билигин даҕаны, дьиҥинэн, суруналыыс буолуохпун баҕарабын.
—Бу кэнниттэн бааҥҥа үлэлии сылдьыбытым да, баҕа өттүбүнэн уурайбытым. Сыл аҥара үлэтэ суох олорбутум, Араадьыйабар эрэ кыратык үлэлиирим. Онтон улуустааҕы урбааны сайыннарар фондаҕа үлэлии ыҥырбыттара. Манна мин урбаан өттүнэн сүҥкэн уопуту ылбытым. Биир сыл үлэлээбитим кэннэ улуус баһылыга улуус информатизациятын киинин салайарга ыҥырбыта. Салгыы Россия почтатын улуустааҕы салаатын начальнигынан анаабыттара. 100 киһини салайан, кып-кыра хамнаска ороскуоттаах тэрилтэттэн дохуоттаах оҥорбутум. Чопчу манна сылдьан, мин туспа бэйэм дьыалалаах буолуохпун баҕарар эбиппин диэн санааҕа кэлбитим.
Бэйэ дьыалата
—Мин Дьокуускайга “Ля футур” диэн маҕаһыыны наһаа сөбүлүүрүм. Онно араас дьикти маллар атыыланаллара. Онон Покровскайга эмиэ маннык ассортименнаах кыра маҕаһыыны арыйбытым. Бастаан атыылаһааччы элбэҕэ, ажиотаж бөҕө буолбута. Кэлин мусуойга курдук, көрө эрэ кэлэр буолбуттара. Онон мин килийиэннэргэ “бас бэринэн” боростуой аксессуары, бижутерияны эмиэ “киллэрбитим”. Ол эрээри бу маҕаһыын киһи киэн туттар дохуоттаах буолбатах этэ. Бу кэмҥэ оҕолорум 7, 10 саастанан бэйэлэрин бэйэлэрэ дьаһанар буолбуттара. Онон мин почтабыттан, эмиэ баҕа өттүбүнэн, барбытым. Бу барыы олус ыарахан этэ. Кэллэктииппин наһаа сөбүлүүрүм.
Кытай суумкатын соһон
— Покровскай Дьокуускайтан чугас буолан, дьон үксэ киин куоракка атыылаһа барар. Онон, кырдьык да, манна маҕаһыыны тутар ыарахан. Онон былааммын аны… Дьокуускайга хайыһыннардым. Новосибирскайтан, Москваттан табаары аҕалан, кытай суумкатын соһо сылдьан, тэрилтэлэри кэрийэн атыылыыр буоллум. Ол сылдьан, хайыы-үйэ ботуччу дуоһунастаах бииргэ үөрэммиттэрбин көрсөрүм. Ол эрээри соһуйбут харахтарыттан симиттибэт этим. Мин, эппитим курдук, устудьуоннуу сылдьан, муоста сууйбутум, онтон хаһан да кыбыстыбат этим. Онно туох баарый?! Ханнык баҕарар үлэ үчүгэй!
Дьокуускайга кимэн киирии
— Дьокуускайга “Глобус” атыы киинигэр кыра туочука ылан, атыыбын саҕалаабытым. Эмиэ Покровскайга курдук —дьикти малы-салы. Мин бэйэм атыылыыр табаарбын..сөбүлүүбүн. Ол курдук, бары саҥаны, сонуну олус интэриэһиргиибин. Маҕаһыыммын “Мистер Бин” диэн ааттаабытым. Көрүдьүөстүк туттар-хаптар, араас быһылааҥҥа түбэһэр мистер Бины киинэттэн өйдүүргүт буолуо. Кини ангылычаан буоларын быһыытынан, маҕаһыыным дизайна ангылычаанныы истииллээх. Мин бу бэртээхэй уобарас булбуппунан киэн туттабын. Бэл диэтэр, атын куораттан франшизаҕын атыылаа диэн көрдөһө сылдьыбыттара. Билигин “Айсберг”, “Дэлэй”, “Глобус” атыы кииннэригэр уонна Покровскайга маҕаһыыннардаахпын. “Айсберг” кииҥҥэ мээнэ киһи атыылаабат. Куорат саамай сырыылаах маҕаһыына буолан, олус улахан куонкуруһу ааһаҕын. Ону этэҥҥэ ааһан, биһигини талан, аны онно “кыһыл көмүс туочукаҕа” турабыт!
Бэйэм кыахпын билэрим
— Бэйэ бизнеһэ диэн көҥүл буолуу. Эн бүтүн нэдиэлэни быһа күүлэйдиэххин, атын дьыаланан дьарыктаныаххын сөп. Уонна 2 эрэ күнүнэн ол үлэлээбэтэх күҥҥүн сабынаҕын. Мин уруккуттан бэйэм бэйэбин хааччынар ис кыахтаахпын билэрим. Онон бэйэҕэр эрэл, күүстээх ис санаа наада. Мин дьикти малларым, дьиҥэ, эдэр ыччакка туһуламмыт курдуктар да, сүрүн атыылаһааччыларбытынан… орто саастаах дьахталлар буолаллар эбит. Телескопическай биилкэни-ньуосканы, похуоттуур иһит нобуордарын хамаҕатык ылаллар. Тэрилтэм хамаандата— олус үчүгэй уолаттар, кыргыттар. Сорохтор үһүс сылларын үлэлииллэр.
Сүбэ көрдөөччүлэргэ
— Миигиттэн сүбэ көрдөөччү элбэх. Бэл диэтэр, хас да эдэр бизнесмени, наставник курдук, кэтээн көрөбүт, салайабын. Биири бэлиэтээтим—дьон бизнескэ киирсэриттэн дьулайар эбит. “Сатаныа суоҕа, табыллыа суоҕа”,—диэн куттал баар. Ол эрээри бу наһаа аһары барбатаҕына, сөп диэххэ сөп. Билигин кризис, маҕаһыын бөҕө сабыллар. Онон билигин эдэр урбаанньыттарга бастаан кыраттан саҕалыылларыгар сүбэлиэм этэ. Маҕаһыыҥҥа бүтүн хоһу ыла сатаамаҥ, кыра туочука сөп буолар. Онтон бу туочукаларгын бииртэн биир атын маҕаһыыннарга аһан иһиэхтээххин.
Бизнес-литература
—Мин сэбиэскэй киһибин. Өйүс-санаам былыргылыы соҕус. Аныгы ыччат олох атын. Мин тастыҥ быраатым Дьокуускайга кэлэригэр, бэл, бырайыаһын иэс ылан кэлбитэ. Билигин…”Кайман” диэн маҕаһыыннаах. Өскө мин бэйэм уопуппунан, сороҕор сыыһан, сороҕор табан, бизнеспин илдьэ кэлбит буоллахпына, быраатым олох атын тактикалаах. Кини наһаа элбэҕи…ааҕар. Роберт Кийосаки, Шэрон Лектер, Стивен Кови, Наполеон Хилл, Джордж Клейсон, Генри Форд уо.д.а. бизнес туһунан литератураларын ааҕан, сөптөөх түмүгү оҥорор, ону туһанар. Бизнес-литература киһи санаатын уларытар кыахтааҕын өйдөөҥ. Быраатым бу кинигэлэри ааҕан, боростуой тыа уолуттан дьиҥнээх бизнесмен буола үүннэ. Билигин да кини кинигэ тутуурдаах сылдьар. Ааҕыыга күҥҥэ хайаан да чаас аныыр.
Тааҥка курдук
Дьокуускайга араас дьон бизнес-тренини ыыталлар. Ол эрээри сорохтор төттөрү куһаҕан сабыдыаллаах буолаллар, бизнес диэн олус ыарахан диэн өйдөбүлү үөскэтэллэр, ыра санааны сарбыйаллар. Сорохтортон, кырдьык, киһи олох кынаттанан тахсар.
Парето сокуона диэн баар. «20 % усилий дают 80 % результата, а остальные 80 % усилий — лишь 20 % результата». Бу олох дьиҥнээх. Холобур, мин табаарбыттан 20 %-на чахчы атыыланар, онтон 80 %-на, этэргэ дылы, көрдөрүнньүк курдук.
Атыы-эргиэн бэйэтэ туспа быраабылалаах, сокуоннаах. Ол эрээри киһиттэн бэйэтиттэн улахан тутулуктаах. Киһи бэйэтэ уларыйыахтаах. Өйдүүн-санаалыын, настарыйыанньалыын. Кыраттан хомойор, санааргыыр киһи бу эйгэҕэ кыайан тулуктаспат. Оптимист буолуохха наада. Нууччалыы эттэххэ, “драйв” наада! Уонна тааҥка курдук—иннигит диэки түһүнэн кэбиһиҥ!
Оҕолорум—олоҕум соргута
— Мин бэйэм дьиэ кэргэним туһугар үлэлиибин. Ийэбин Кореяҕа өрүү эмтэтэбин. Улахан кыыһым Юля 15 саастаах, Покровскай оскуолатын үөрэнээччитэ. Билигин Дублин куоракка тылы үөрэтэр сайыҥҥы оскуолаҕа үөрэнэ сылдьар. Покровскайга художественнай оскуоланы бүтэрбит буолан, искусствоҕа чугас, туспа көрүүлээх, ураты киһи. Дизайны, психологияны интэриэһиргиир. Бэйэтин санаатын хайаан да этэр, толлон турбат. Улууска дебатка кыттан, чемпион этэ. Мин эмиэ саҥарарбын , дьону кытта алтыһарбын сөбүлүүбүн (күлэр).
Кыра кыыһым, Машенькам, 11 саастаах. Художественнай гимнастиканан дьарыктанар. Ханнык баҕарар ийэҕэ кини оҕото саамай күндү. Сүрүнэ—оҕону сөпкө иитии. Мин оҕону “ээ, бу туох да талаана, сайдыыта суох оҕо” дииллэрин иһиттэхпинэ, “иһим буһар”. Ханнык баҕарар оҕо талааннаах, уратылаах! Төрөппүт ону таба көрөн сайыннарыахтаах. Оччоҕо эрэ, бу оҕо дьоллоох буолар, сөбүлүүр идэлэнэр. Конфуций эппитэ дии, “сөбүлүүр үлэлээх буоллаххына, эн биир да күн …үлэлиэҥ суоҕа” диэн!
Кэпсэттэ Т.Алексеева