Ыам ыйын түбүктээх бүтэһик күннэрэ. Оскуоланы бүтэрээччилэргэ өссө бүк эппиэтинэстээх күннэр тураллар. Оҕо оскуоланы бүтэрэригэр номнуо сыалын туруоруммут, ханнык идэҕэ туттарсарын билэр буолуохтааҕа саарбаҕа суох.
Кулун тутар ыйга биһиги оҕо бэчээппит кыһатын үлэһиттэрэ Мэҥэ Хаҥалас Баатара нэһилиэгэр үс нэһилиэк кыттыылаах «Кэскил» күннэрин ыыппыттара. Ол онно нэһилиэк мусуойугар сылдьан, «Кэскил» хаһыаттан Вера Петрова РСФСР үтүөлээх артыыһыгар Гаврил Гаврильевич Колесовка аналлаах муннукка Бүтэйдээх оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Оля Стручкова суругун хаартыскалаан ылбыта.
Бу оскуоланы бүтэрээри сылдьар кыысчаан Гаврил Колесовка суругар артыыс буолар баҕа санаатын ыйбыт уонна Щепкиннээҕи театральнай училищеҕэ туттарсар туһунан ыйыталаспыт этэ. Сурукка оскуоланы бүтэрээри сылдьар оҕо инникитин туох күүтэрэ биллибэт долгуйуутун киһи чопчу сэрэйэр. Маннык ис хоһоонноох суругу оҕо ылла да суруйбат, ол туһунан этэргэ эрэ дөбөҥ, буолаары буолан Гаврил Гаврильевич Колесов курдук сүдү киһиэхэ.
Бу сурук ааптарын биһиги буллубут. Эһиги санааҕытыгар Оля баҕа санаата туолбута дуу?
Бу хаартыскаҕа 10 кылаас үөрэнээччитэ Оля Стручкова олорор. Кини ыра санаата — олоҕун култуура эйгэтин кытары сибээстиэн баҕарар.
Онтон билигин, 35 сыл ааспытын кэннэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, «РФ үөрэҕириитин уонна иитиитин бочуоттаах үлэһитэ» бэлиэ, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына Ольга Аполлоновна Стручкова Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство кэллиэһин преподавателэ.
— Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство кэллиэһигэр 35 сылбын анал дисциплиналары биэрэбин. Устудьуоннары режиссура, артыыстааһын уонна сцена маастарыстыбатыгар үөрэтэбин. Институту бүтэрэн кэлиэхпиттэн преподавателинэн үлэлиибин. Бэйэм идэбинэн маассабай бырааһынньыктар режиссерабын.
Ити сурукпар эппиэттээн Гаврил Гаврильевич суруйбута. Киирии экзамен ирдэбиллэрин барытын быһааран ыйбыта. 10 кылаас кэнниттэн туттарсыбытым, ол эрээри 3 тууртан «уҥуоххунан кыраҥ бэрт» диэн сыыйбыттара. Онтон культурнай-просветительскай училищеҕа дьыалабын көһөрөн, режиссер идэтигэр үөрэххэ киирбитим. Училищены бүтэрээт, Улан-Удэтээҕи култуура институтугар эмиэ ол идэбинэн үөрэххэ киирбитим.
Өссө биири кэпсиэхпин баҕарабын, Саха тыйаатыра биһиги Бүтэйдээхпитигэр гастролга кэлбитигэр, спектакль бүтүүтэ сыана кэннигэр баран, Гаврил Гаврильевиһы булан кэпсэппиттим. Кини олус боростуой, кыра оҕо диэн сэнээбэккэ, тэҥнээх киһитин курдук кэпсэппитэ. Ону наһаа истиҥник уонна махтана саныыбын. Гаврил Колесов саамай сөбүлүүр уонна сүгүрүйэр артыыһым этэ.
Ити курдук Гаврил Гаврильевичка аадырыстаммыт сурук ааптара Ольга Стручкова оҕо сааһын ырата туолан, билигин култуура эйгэтигэр үлэлиир, бэйэтэ эдэр көлүөнэни үөрэтэтэр-такайар.
Онон, оҕолоор, киһи бу олоххо сыалын, баҕа санаатын ситиһэрин туһугар бэйэтэ эрэ барытын билэн-көрөн, үөрэтэн, ыйыталаһан-соруһан хамсаннаҕына эрэ, ол табыллар. Ситиһиилэри!
Суруйда Анна СЛЕПЦОВА.