Хараҕым далыгар—1989 с. “Бэлэм буол” хаһыат матырыйааллара. Ссылканан киирэн көр:
“Көстөр” көстүбэтинэн” диэн бэрт интэриэһинэй рубрика аһыллан, оччотооҕу ааҕааччылары сэргэхсиппитин өйдүүбүн. 32 сыл ааспытын да кэннэ, итиннэ этиллэр санаалар билигин эмиэ суолталарын сүтэрбэттэр дии саныыбын. Холобур, саха киинэтигэр күн бүгүн үгүс харчы эрэйиллэр, тэрээһин үлэҕэ үгүс боппуруос эмиэ кыалла илик. “Тугу көрүөххэ, хайдах устуохха”, о.д.а. ыйытыылар сытыытык өссө да тураллар.
2013 с. медиа, аныгы технология, оҕо киинэтин тула “Кэскил”, “Юность Севера” хаһыат кылаабынай редактора Евдокия Иринцееваны кытары “Оҕо киинэтин сайдар кэскилэ” диэн улахан кэпсэтиини, төгүрүк остуолу көҕүлээбиппит. Онно хаһыаппыт бочуоттаах редактора Нина Протопопова, СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыыга оччотооҕу миниистирэ Андрей Борисов, “Сахафильм” дириэктэрэ Степан Сивцев-Доллу, режиссер Алексей Романов, продюсер Владимир Иванов, о.д.а. кыттыбыттара. Арааһа, ол сабыдыалынан буолуо, сити кэмтэн ыла “Cinema” диэн ааптарскай рубрикабын “Кэскилгэ” саҕалаабытым. Россия үрдүнэн биллэриллибит Киинэ сылын сырдатыыга өрөспүүбүлүкэ СМИ-лэрин ортотугар “Кэскил” хаһыат кыайыылааҕынан ааттаммытыгар, сэмэй кылаатым баарыттан үөрэбин уонна киэн туттабын.
32 сыл кэннэ, ааҕааччылар киинэ тула тугу саныыллар эбитий? Чэйиҥ, билсиэҕиҥ.
Киинэттэн аккаастанымаҥ
Киинэни хаһан да көрбөтөх киһи диэн суох. Хас биирдиибит тус-туспа көрүүлээх, майгылаах уонна сааһыттан көрөн, киинэ араас жанрдарын сөбүлүүр эбэтэр сөбүлээбэт. Холобур, мин дораманы көрөрбүн сөбүлүүбүн. Боевигы сөбүлээбэппин. Убайым комедияны сөбүлүүр, анимены ахсарбат. Ийэм мелодраманы ордорор, комедияны сөбүлээбэт. Аҕам боевигы сөбүлүүр, дораманы ылыммат. Бу көстөрүн курдук, биһиги дьиэ кэргэн бары арааһынай киинэни көрөбүт эрээри, эйэлээхпит, ким да кимиэхэ да мэһэйдээбэт.
Мин саамай сөбүлээн көрбүт киинэм “Каролина в стране кошмаров” диэн мультипликация. Бу киинэ олус элбэх үчүгэйгэ угуйар: бэйэҕэр туох баарын таптыырга, атын дьоҥҥо ымсыырбат буоларга уонна эйигин тулалыыр дьону убаастыырга.
Саха киинэтэ сайдарын туһугар, киинэ туруорааччы эбитим буоллар, көрөөччү наадыйыытын сүтэрбэт туһугар саҥаттан-саҥа киинэлэри оҥорон таһааран иһиэм этэ.
Хас биирдии киинэ араас суолталаах уонна өйдөбүллээх. Киинэ көрөртөн эһиги аккаастанымаҥ.
Ньургун АНТОНОВ, Маҥаны орто оскуолатын
VII кылааһын үөрэнээччитэ, Орто-Сурт, Горнай улууһа.
Үтүөҕэ уһуйуон, мөкү да өттүнэн дьайыан сөп
Мин санаабар, билиҥҥи кэмҥэ ыстатыйаҕа этиллэр кыһалҕа баар: видеопиратство диэн. Маны тарҕатар дьон киинэҕэ сылдьан, камераҕа көҥүлэ суох киинэлэри устан, киинэ ааптардарыттан көҥүлэ суох тарҕаталлар. Итинтэн сылтаан, киинэ оҥорооччулар ааптарскай бырааптара кэһиллэр, дохуоттара кыччыыр. Киинэ индустрията сайдара харгыстанар.
Киинэ жанрын, тиэмэтин арааһа элбэх: доҕордоһуу, таптал, олох ыарахана, сэриилээх, о.д.а. Маннык киинэлэр оҕо, эдэр дьон сайдыытыгар үчүгэй өттүнэн дьайаллар, бэйэни сыаналыырга, дьону өйдүүргэ, тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга үөрэтэр. Оттон өлөрсүүлээх боевиктар эҥин, «ужастар» дьону аралдьытар эрэ сыаллаахтар. Манна үчүгэйэ диэн, саастарынан хааччахтааһын диэн баар.
Киинэ оҕону, улахан да дьону сайыннарыан, үтүөҕэ, кэрэҕэ уһуйуон, мөкү да өттүнэн дьайыан сөп дии саныыбын.
Егор ДОКТОРОВ,
Хаҕын орто оскуолатын
XI кылааһын үөрэнээччитэ, Бүлүү.
Киинэ—олох оскуолата
Билиҥҥи киинэни ханна баҕарар, хаһан баҕарар көрүөххэ сөп: Интэриниэккэ, тэлэбиисэргэ, киинэ тыйаатырдарыгар… Ол барыта харчылаах буолбатах. Босхо көрүөххэ эмиэ сөп. Уоран киинэ атыылыыр дьон эмиэ баар. Интэриниэккэ таһаараллар, ол эрээри, онтулара хаачыстыбата мөлтөх, хос тыастаах-уустаах буолар. Ол эрээри, ону тыаҕа, киинэ тыйаатыра суох сиригэр босхо көрөр кыахтааххын.
Ити “ужастар”, “боевиктар”, триллердэр куһаҕаннык дьайбат буолуохтарын эмиэ сөп. Тоҕо диэтэххэ, мин санаабар, оҕо ол киинэттэн сылтаан куһаҕан өйдөөх-санаалаах буолбата буолуо. Оҕо хайдах киһи буолара дьиэ кэргэн, биэбэйик, оскуола иитиититтэн, тулалыыр эйгэтэ хайдаҕыттан быһаччы тутулуктаах.
Киинэ барыта үчүгэйи тириэрдэр санаалаах буолбатах. Ол иһин оҕолор бастаан билиини хаҥатар, үөрэтэр ис хоһоонноох мультиктары, киинэлэри көрүөхтээхтэр. Манна төрөппүт болҕомтото, хонтуруола улахан оруолу ылар.
Киинэ иитэр-үөрэтэр суолтата диэн, үтүөнү-мөкүнү араарарга, онно көстөр персонажтар, дьоруойдар хайдах майгылаахтара, тугу оҥороллоро, көрөөччү олоҕу анаара, ырытар үөрүйэхтэнэрэ дии саныыбын. Ол иһин киинэ —олох оскуолата да диэххэ сөп.
Ульяна СТЕПАНОВА,
Хаҕын орто оскуолатын
XI кылааһын үөрэнээччитэ, Бүлүү.
Бэлэмнээтэ Жанна ЛЕОНТЬЕВА.