Өскөтүн Арина Родионовна кырачаан Александрга остуоруйалаабатаҕа эбитэ буоллар, баҕар, нууччалар тылларын сүтэрбит буолуо этилэр. Тоҕо диэтэххэ оччолорго, XVIII үйэҕэ, үрдүкү сололоохтор (высший свет) бука бары французтуу эрэ саҥара сатыыллара, арҕааҥҥы култуураҕа сүгүрүйэллэрэ. «Хата, улахан туох да үөрэҕэ суох ньээньэ, ийэ тыл сүмэһинин, кэрэтин, сиэдэрэйин Пушкиҥҥа иҥэрэн, билигин нуучча тыла тыыннаах», – диэн бары билинэллэр, махтаналлар.
Кырдьыга да, Арина Родионовна нуучча тыла сириэдийэн тахсыытыгар ханнык да учуонайдааҕар, ыраахтааҕытааҕар быдан улахан оруоллаах эбээт. Ол тэҥэ ханна баҕарар, ханнык баҕарар эйгэҕэ бүтүн омукка, үйэҕэ сабыдыаллыыр дьон баар буолар. Холобур, Саха сиригэр М.А. Алексеевы физика, математика хамсааһынын төрүттээбит, техническэй үөрэхтээһини саха ыччатыгар тарҕаппыт киһинэн ааҕабыт. Эбэтэр улуу тренер Д.П. Коркины ылан көрүөҕүҥ. Олимпиадаҕа тиийэ миэстэлэһэр тустууктары эрчийэн таһаарбыта.
Оттон черчение үөрэҕэ Саха сиригэр сайдарыгар сүҥкэн кылааттаах киһинэн профессор Николай Спиридонович Николаев буолар. Кини 1956 сылтан үтүмэн оҕону, устудьуону черчение уустук предметигэр уһуйан, өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиадалары бэйэтэ сүүрэн-көтөн, тэрийэн ыытан, талааннаах чертежниктары иитэн таһаарда. Олор истэригэр 11 тыһыынчаттан тахса инженер, учуутал, 200-тэн тахса наука хандьытаата баар. Саамай киэн туттара: үөрэппит 20 устудьуона – академиктар! Холобур, университет билиҥҥи ректора Е.И. Михайлова, Тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар өр кэмҥэ ректордаабыт Л.Н. Владимиров, ДьНК РАН урукку президенэ А.Ф. Сафронов, СӨ АН президенэ И.И. Колодезников, геологическай институт дириэктэрэ Б.Н. Заровняев уо.д.а.
Дьэ, онон: «Один в поле не воин», – диэн баран, олох охсуһуутуттан (бу Н.С. Николаев бэйэтэ сөбүлээн туттар тыла) толлон турбакка, соруккутун ситиһэргэ кимиэллээхтик киирсэн иһиҥ! Бу чуолаан эдэр учууталларга туһаайыллар этии. Биир да киһи эпоханы уларытар кыахтаах, өскөтүн кини ыччакка сөпкө сабыдыаллаатаҕына, үчүгэй эрэ өттүнэн дьайдаҕына…
Ася ИЕВЛЕВА.