1881 сыллаахха Россия бүрүстүөлүгэр император Александр IIIтахсыбыта. Итинтэн ыла либеральнай өйү-санааны утарар уонна суох гынар бэлиитикэ хос салҕанар. Россия олоҕун биир сүрүн ис хоһооно буолар. Маны кытта нуучча чулуу дьоно сөбүлэспэтэҕэ. Сибиир эдэр интеллигенцията кыаҕа баарынан үтүө сыаннастары көмүскүүр суолу-ииһи тобула сатаабыта. Аҕыйах ахсааннаах интеллигенция ити курдук түмүллэн испитэ. Кинилэртэн ордук чулуулара Г.Н.Потанин, Н.М.Ядринцев, А.П.Щапов, Н.С.Щукин, И.В.Федоров-Омулевскай уо.д.а. этилэр. Саха дьонуттан Г.Н.Потаниҥҥа үөрэммит киһибит Г.В.Ксенофонтов буолар.
Биһиги бүгүн ол дьонтон биири билсиэхпит.
Сөптөөх суолу булаары
Дьокуускайга икки тэрилтэ хаартыска түһэрэр буолбут. Онтукалара букатын дьаабы. Барыта хара балах. Дьүһүнэ-бодото биллибэт күлүктэри бэчээттээн, атыылаан олорбуттар. «Европаҕа азиаттары хаартыскаҕа түһэрбэттэр. Ону баара биһиги буолан түһэрэбит» диэн кэпсэнии дэлэй үһү. Дьон буоллаҕына, ону итэҕэйэн, Европатааҕар ордук эбиппит дэспиттэр. Уонна ордук курдук сананан, ону атыылаһа сылдьыбыттар.
Ити көрүлүү сырыттахтарына, соҕурууттан ретушер-фотограф кэлбит. Кэлээт да бэртээхэй хаартыскалары оҥортоон барбыт. Дьэ, онуоха туран, олохтоох былаас буолан-хаалан турбатах дуо?! Азиаттары тупсарар диэн ретушеры сүгүннээбэккэ, Дьокуускайтан үүрбүт. Ити кэмҥэ Саха сирин губернатор, генерал-майор Георгий Федорович Черняев салайар эбит.
Ретушер-фотограф хаайыллыбатаҕыттан үөрэн, түргэнник дойдутугар төттөрү тэскилиир.
Бу ньүдьү-балай быһыы туһунан 1881 сыллаахха «Сибиир хаһыат» 31-с нүөмэригэр фельетон бэчээттэммитэ. Ити хаһыат оччолорго Томскай куоракка тахсара. Маны төрүттээччинэн биллиилээх сырдатааччы Пётр Макушин этэ. Фельетону “көстүбэт” редактор Феликс Вадимович Волховскай суруйбут чинчилээх…
Дьокуускайдааҕы халы-мааргы түбэлтэни сэмэлээһин манан эрэ бүппэтэх. 1882 сыллаахха Петербурга тахсар «Восточное обозрение» хаһыат балаҕан ыйынааҕы икки нүөмэригэр “Наброски сибирского поэта” диэн очерканы бэчээттиир. Очеркаҕа кыракый куорат быһылаана эмиэ хос ахтыллар. Ону ааһан, маннык эбииликтэнэр.
Күлэргэ бэлэммин,
Дьокуускайга эдэр киһи
Мөкү көрүҥнээх уһуллар…
Күтүөттүүр кыһалҕаттан.
Күлүөм этэ, бэл эмиэ
Оннооҕу кийиит кыыһы,
Күл-көмөр дьүһүннэнэр,
Эдэр дьоҥҥо биллээри.
Сүллэр этиҥ эҥсилгэнэ,
Мин күлэрбин иһитиннэр,
Европаҕа азиат
Кэрэ күлүгүн көрдөрбөттөр.
Имперскэй бэлиитикэ Дьокуускайга итинэн эрэ бүппэтэх. Өссө туран “Санкт- Петербург” хаһыат кэрэспэдьиэнин сойуолаабыттара бу очеркаҕа эмиэ ахтыллар.
Ойдуо үрэр. Сойуо барар.
Кэтэбил-манабыл бөҕөтө;
Улгум майгылаах саха дьоно –
Хайыһарын, дьэ, кэтэр.
Кыылы сойуолааҥ! – хобуоччу киксэрэр,
Толук барбыты сирэйгэ ыйан:
Туора урдустар, дьэ, дьиккэрдэр!
Харыс да хамнаан көрбөттөр.
Кинилэр маҥнай санаабыттара,
Кыылы тутарбыт буолуо диэн.
Хаһыат тугун дьэ билэн,
Өйдөөтүлэр: пресса — киһи эбитин!
Дьикээр өһөс; ким да киэбирдин,
Уларытыа суоҕа санаатын…
Онуоха туран, өһүөннээх хобуоччу,
Дьиэлээтэ, сирэйин буорга анньан.
Бу очерка ааптара Иннокентий Васильевич Федоров-Омулевскай буолар. Камчаткаҕа төрөөбүт нуучча прозаига, поэт, публицист, тылбаасчыт.
Кини оҕо уонна эдэр сааһа Иркутскай куоракка ааспыта. Манна үөрэҕи ылан, 1856 сыллаахха Петербурга тиийэр. Университет юридическай факультетыгар истээччинэн киирэр. Икки сыл үөрэнээт, профессиональнай литератор буоларга турунар. Юридическай факультеты быраҕар.
Сибиряктар куруһуоктарыгар холбоһор. Итиннэ биир дойдулааҕын Н.С.Щукины кытта билсэр. Щукин оччолорго Добролюбовтыын чугастыы буолан, Герцен уонна Огарев үлэлэрин ааҕара. Манна нуучча революционера, этнограф Иван Александрович Худяков, казах норуотун чулуу уола Чокан Валиханов кытта сылдьаллара.
Иннокентий Федоров итинник киэҥ эйгэлээх буолан, сотору кэминэн суруйааччы быһыытынан биллибитэ. Кини айымньыларын Салтыков-Щедрин, Некрасов курдук бөдөҥ суруйааччылар сыаналаан тураллар.
Ыраахтааҕы былааһа кини үгүс суруйуутун боборо-хааччахтыыра. Петропавловскай кириэппэскэ, Петербург түрмэтигэр хаайа сылдьыбыттара. Улааппыт-үөскээбит дойдутугар Иркутскайга, бу иһин, полиция дьаһалынан, Иннокентий Федоровы иирээкилэр балыыһаларыгар укпуттара.
Россия столицатыгар быһаарбыттара
Поэкка дьүөрэлээх мин өйбүн,
Иркутскайга ити иһин кэлгийбиттэрэ,
Иирээки оронугар күүстэринэн.
Тугунан көмөлөһүөй, мэдэсиинэ
Курус кырдьыгы чэпчэтиигэ, —
Диагноз туруоруон сатаммат
Кэтиир үлэлээх полиция тойоно.
Оо, эмчитиэм, сүбэлии кэриэтэ
Этиэм дуу, эйиэхэ сипсийэ,
Бу сиргэ ханна да суох эбээт.
Мин өйбүн көннөрүөх лазарет.
Нуучча биир талааннаах суруйааччыта И.В. Федоров—Омулевскай 1883 сыллаахха сүрэҕэ хайдан Санкт-Петербурга өлбүтэ. Доҕотторо кини быстар дьадаҥы олоҕу олорон ааспытын тиһэх түгэҥҥэ билбиттэрэ. Волковскай кылабыыһаҕа көмүллэр күнүгэр киһилии кэтэр таҥаһа суоҕун билэн…
Анатолий Павлов-Дабыл.